Виктор Федоров: «Бары күүспүтүн түмтэхпитинэ эрэ бу ыарахаттары туоруохпут!»

Share

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьааччыларбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр, оҕолоругар кимиттэн тутулуга суох туох кыаллар көмөнү оҥорууга улуустарынан, нэһилиэктэринэн, киин куоратынан түмсүүлээх үлэ бара турар. Араас түмсүүлэртэн, урбаанньыттартан, биирдиилээн дьонтон, салайааччылартан, дьокутааттартан хомуллар көмө барыта кыайыыга ананар, инники кирбиигэ киирсэ сылдьар дьоммут этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр туһуланар.

Бу үлэҕэ кытта сылдьар Ил Түмэн дьокутаата Виктор Федоров бу курдук кэпсээтэ.
— Биһиги, Ил Түмэн дьокутааттара, Донбасска көмөбүтүн хомуйан алтынньы 25 күнүгэр волонтердар өрөспүүбүлүкэтээҕи кииннэригэр туттарбыппыт. Бу саас муус устар 12 күнүгэр харчынан көмөбүтүн Донбасска эрдэ тиксэрбиппит.
Донбасска барар спецназ байыастарыгар көмөҕө уонна хомунан-тэриллэн барыыларыгар наадалааҕы, араас тепловизионнай, цифровой сыаллары, бинокллары, портативнай аккумулятордары, эми, сылаас таҥаһы, гаас билииткэлэрин, сибээс сириэстибэлэрин, онтон да атын тэхэньиичэскэй тэриллэри булуналларыгар диэн үбүнэн көмөбүтүн бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарын өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэлэригэр ыыппыппыт. Бу байыастар Донбасска барар айаннарын тэрийиигэ туох кыаллар көмөнү оҥорорго кыһаллыбыппыт.
Алтынньы 4 күнүгэр ыытыллыбыт телемарафоҥҥа кыттан, «Барыта — Кыайыы туһугар» пуондаҕа харчынан тус көмөбүн ыыппытым. Киин куорат дьаһалтатын көрдөһүүтүнэн быстах ыҥырыынан барааччыларга наадалаах табаары, таҥаһы, малы ылыыга кыттыбыппыт.
Билигин куорат дьаһалтатын кытта быстах ыҥырыынан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ төһө киһибит кытта сылдьарын, дьиэ кэргэннэрин, оҕолорун, кинилэргэ туох көмөнү оҥорор наадатын чуолкайдыыбыт, бу дьоммут Саҥа дьылы санааларын түһэрбэккэ, көрсөллөрүн туһугар үлэ ыыта сылдьабыт. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьоммут дьиэ кэргэннэригэр, оҕолоругар хаһааҥҥытааҕар да болҕомто күүһүрүөхтээх, биһиги кинилэри хайаан да өйүөх тустаахпыт. Бары бииргэ күүһү түмэн эрэ бу ыарахаттары туоруохпут!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

21 минута ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

3 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

3 часа ago