Виктор Колесов: “Михаил Николаев аан дойдуга Саха сирин кыаҕын арыйбыта”
Бүгүн Дьокуускайга Михаил Николаевы кытта быраһаайдаһаллар. “Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ аан дойдуга өрөспүүбүлүкэ кыаҕын арыйбытын бэлиэтээн туран, Саха сирин олохтоохторугар дириҥ кутурҕанын тириэртэ.
“Михаил Ефимовиһы кытта үлэлиирбэр кини инникини өтө көрөрүттэн куруук сөҕөрүм. Саха сирэ бүгүн кини идиэйэлэринэн олорор, айар-тутар. Кинини киһи барыта таптыырын көрөрүм. Куруук бэйэтигэр дьону тардара. Михаил Ефимович Петр Великэйгэ майгынныыр: аан дойдуга өрөспүүбүлүкэ кыаҕын арыйбыта. Биһиги кини ыйбыт суолунан күүскэ үлэлиэхтээхпит”, — диэн санаатын үллэһиннэ Виктор Колесов.
Гражданскай панихида бүгүн Опера уонна балет тыйаатырыгар киэһэ аҕыс чааска диэри салҕаныаҕа. Михаил Николаевы кытта ким баҕалаах барыта быраһаайдаһар. Оптуорунньукка Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ төрөөбүт-үөскээбит Өктөмүн сиригэр ийэ буорун булуоҕа.
Тиэкис: Саина Титова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: