Виктор Михайлов – улахан буукубаттан суруллар Учуутал сырдык кэриэһигэр

Виктор Михайлов – улахан буукубаттан суруллар Учуутал сырдык кэриэһигэр

Ааптар:
22.09.2024, 11:54
Бөлөххө киир:

2024 сыл балаҕан ыйын 22 күнүгэр дириҥник ытыктыыр наставникпыт, муударай киһибит, профессорбыт, философия билимин доктора Виктор Данилович Михайлов биһиги ортобутугар суох буолбута үс сылын туолар.

Кини олоҕо, научнай айымньыта уонна уопсастыбаннай үлэтэ үөрэнээччилэрин, студеннарын, магистраннарын, аспираннарын, биир идэлээхтэрин, чугас дьонун, аймахтарын өйдөрүгэр-санааларыгар сүппэт суолу хаалларбыта. Кини аата өй-санаа, эйэлээх буолуу уонна эйэҕэс буолууга дьулуһуу бэлиэтэ буолбута.

Виктор Данилович кыра эрдэҕиттэн наукаҕа интэриэстээх буолан, кини инники олоҕун суолун эрдэттэн быһаарбыта. Виктор Данилович ахтан ааспыта:

“Аҕабыт (Данил Николаевич) алта кылаастаах үөрэхтээх, дьоһуннаах үлэҕэ эрэнэр кыаҕа суох этэ. Онон партия ыыппыт сиригэр сулууспалаабыт. Онон, аҕам Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар “Дьүллүкү” диэн төрөөбүт нэһилиэгэр холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Биир дойдулаахтарын туоһутунан ол ыар сылларга кини салайбыт холкуоһугар биир да киһи аччыктаан өлбөтөх А5абыт бэйэтэ бу туьунан хаьан да кэпсээбэт этэ. Ийэбит, Павла Федотовна, Бүлүүтээҕипедагогическай училищены бүтэрэн баран, 38 сыл начальнай кылаас учууталынан үлэлээбитэ. “РСФСР норуот үөрэҕириитин туйгуна” диэн аат иҥэриллибитэ. Оскуоланы 1965 сыллаахха бүтэрбитим. Уон биирис кылаас эбиллибэтэҕэ буоллар, онус кылааһы биир сыл эрдэ бүтэриэ эбиппин. Байыаннай сулууспаттан нэһиилэ отсрочка ыланбаран, Москваннан Баку куоракка восточнай факультет тюркология салаатыгар туттарсаары көппүтүм. Ол гынан баран, ол сыл киирии экзамена азербайджан тылынан эрэ ыытыллан, төттөрү төннүбүтүм. Мин итинтэн ордук үөрбүтүм, тоҕо диэтэххэ, соҕурууҥҥу куораты сөбүлээбэтэҕим: олус итии, салгына суох курдук этэ. Ол кэннэ Сэбиэскэй армия кэккэтигэр ыҥырыллансулууспалаабытым. Сулууспалаан баран, А.А. Ждановаатынан Ленинградтааҕы государственнай университетка үрдүк үөрэххэ киирбитим.”

Виктор Данилович уратыта диэн дьону угуйан таһаарыылаахтык, систиэмэлээхтик үлэлээһинэ, Кини бүтүн хартыынаны өтө көрөн, дириҥ ырытыыга уонна былааннааһыҥҥа олоҕуран чинчийиилэрин уонна бырайыактарын оҥороро. Систиэмэлээх толкуйа киниэхэ уустук сорудахтары быһаарарга уонна саҥа быһаарыылары буларга күүс-көмө буолара. Кини саҥа чинчийиилэргэ, лиэксийэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ өрүү кыттара, элбэх күүһүн-уоҕун биэрэрэ. “Биирдиилээн киһи социальнай дьайыытын сиэрдээх өрүтэ” диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертациятын, онтон “Гражданскай сөбүлэҥ социальнай уонна философскай төрүттэрэ” диэн тиэмэҕэ докторскай диссертациятын чаҕылхайдык көмүскээбитэ. Кини научнай үлэтэ улахан суолталаах ситиһиилэрдээх, арыйыылардаах этэ.

Виктор Данилович Михайлов коллегата, М.К. Аммосоваатынан ХИФУ философияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, философия билимин доктора, профессор Андрей Саввич Саввинов маннык ахтар;

“Виктор Данилович ураты сэмэй, бэрээдэктээх, эйэҕэс киһи этэ. Кини элбэҕи билэрэ, энциклопедическай билиилээх киһи диэххэ сөп. Сэмэй майгыта, тулуурдаах дьоҥҥо сыһыана, биһиэхэ, бииргэ үлэлиир дьонугар, үтүө холобур буолара. Кини олус болҕомтолоохтук истэрэ уонна, Сократ курдук, сөптөөх ыйытыылары биэрэн утарсыынытаһаарбат этэ. Кырдьык өйдөөх киһи этэ, сүбэтэ-амата туһалаах этэ. Кини суох буолбута барыбытыгар төннүбэт сүтүк. Виктор Данилович курдук киһи сотору кэминэн көстөрө саарбах».

Виктор Данилович научнай олоҕо улахан суолталаах ситиһиилэрдээх, арыйыылардаах. Кини биир сүрүн научнай ситиһиитинэн сөбүлэһии философиятын айыы буолар. Бу өйдөбүл, сөп түбэһии, бэйэ-бэйэни өйдөһүү уонна бииргэ үлэлээһин бириинсиптэригэр олоҕуран, аныгы философия сайдыытыгар улахан кылаат буолбута. Сөбүлэһиифилософията дьон, уопсастыба уонна айылҕа сыһыаныгар саҥа көрүүнү биэрэр, кэпсэтии уонна сөбүлэһии суолтатын тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Сыллар ааһыахтара, кинини кытта сибээстэспит, билэр дьон бу олохтон барыахтара. Кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүгэр-санааларыгар кини, сиппит киһи быһыытынан, олоҕун тухары киһиэхэ киһи баарын бигэргэппит киһи быһыытынан туох хаалыаҕай? Бииринэн кини “сөбүлэһии философиятын” айбыта диэххэ сөп. Бу орто дойдуга барыта уларыйарын киьи барыта билэр. Аан дойду хартыыната эмиэ уларыйа турар. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ аан дойду хаартыыната сөбүлэҥ ирдэбилигэр эппиэттээбэт. Онно эппиэттиир атын аан дойду хартыыната солбуйар. Барыта уларыйар, дьон олоҕун эйэлээх буолуута эрэ уларыйбат. Виктор Данилович этэринэн, гражданскай сөбүлэҥ субъега былаас буолар. Ол аата уопсастыбаҕа гражданскай эйэни ситиһэр кыһалҕаны былаас быһаарар. Онтон Виктор Данилович улахан үтүөтэ диэн, Европа дойдуларын социальнай олохторун опытын, былыргы кэмтэн аныгы үйэҕэ диэри үөрэтэн, сөбүлэһии өйдөбүлүн статуһун категориальнай таһымҥа таһаарбыта, онон сөбүлэһии философиятын үөскэппитэ буолар.

Виктор Данилович элбэхтэ Н.С. Трубецкой: “Биир сомоҕо буолуу – толору хомуллубут мозаика кэриэтэ буолар” уонна бэйэтин өрөспүүбүлүкэтин инникитин туһунан этэн туран, маннык суруйбута: “Уопсай үтүө уонна кини ис сыаннастарын бэлитиичэскэй процесс бары субъектарын иһигэр билэллэрэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин туруктаах буолуутун духуобунай уонна сиэрдээх төрүөтэ буолар». Сыл аайы балаҕан ыйын 22 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет профессор В.Д. Михайлов кэриэһигэр, университет бырааһынньыгын – “Сөбүлэһии күнүн” бэлиэтиир.

Виктор Данилович чаҕылхай учуонай эрэ буолбакка, талааннаах учуутал этэ. Үөрэнээччилэрин научнай чинчийиигэ, кырдьыгы көрдөөһүҥҥэ угуйбута. Кини лиэксийэлэрэ, семинардара үөрэнээччилэри толкуйдатар, ырытар дириҥ санааларынан, саҥалыы идеяларынан куруук туолаллара. Кини салалтатынан магистр уонна доктор диссертацияларын көмүскээбит үгүс эдэр учуонайдарга наставник этэ. Кини үөрэтэр ньымата ытыктабыл, өйөбүл уонна бииргэ үлэлээһин бириинсиптэригэр олоҕуран, үөрэх кыһатыгар доҕордуу, айымньылаах эйгэни үөскэтиигэ олук уурбута.

Виктор Данилович тапталлаах убай, аҕа, үс сиэн эһэтэ этэ. “Кини чаҕылхай учуонай эрэ буолбакка, дьикти киһи этэ. Кини муудараһа уонна үтүө майгыта биһиэхэ барыбытыгар холобур буолара. Кини биһигини философияҕа эрэ буолбакка, бэйэбитин уонна атыттары кытта эйэлээхтик олорорго үөрэтэр этэ-диэн ахтар кыыһа Анна Викторовна.

“Аҕабытын уонна эһэбитин олус ахтабыт. Виктор Данилович энциклопедическай билиилээх, толкуйдуур культурата үрдүк, кэпсэтэр тиэмэтигэр дириҥ билиилээх этэ. Кинини кытта кэпсэтии куруук толкуйга анньара, ханнык баҕар олох хайысхатыгар сөп быһаарыыны ыларга сабыдыаллыыра. Философия бэйэҕэ эрэ буолбакка, дьоҥҥо холобур буолар туһугар өйдөөхтүк хардыылары оҥорорго, быһаарыылары ылынарга үөрэтэрин бэйэтин холобурунан көрдөрөрө. Сиэннэрин, биһигини кытта өрөбүл аайы мустан эбиэттиирбитин, сэһэргэһэрбитин олус ахтабыт», — диэн салгыы кэпсиир Анна Викторовна.

Үлэтин тухары Виктор Данилович 200-тэн тахса публикацияны уонна 100-тэн тахса научнай уонна научнай-методическай ыстатыйалары таһаарбыта. Кини эрэдээксийэлээһининэн философия кафедратын аспираннарын уонна эдэр учуонайдарын научнай ыстатыйаларын икки хомуурунньуга (1999 уонна 2000 сс.),«Уопсастыба уонна былаас» хомуурунньуга (19 нүөмэр), Михайлов В.Д. редакционнай коллегия чилиэнэ быһыытынан «Логос. Култуура. Цивилизация» хомуурунньуга (1996-2002 сс.), “Философияны үөрэтии реформата” хомуурунньуга (1993-2000 сс.), “Естественнай наука сайдыытын философскай уонна научнай өрүттэрэ” (икки нүөмэр: 2002, 2004), “Тулуур туһунан толкуйдааһын” (үс нүөмэр: 2003-2005) научнай таһаарыылара бэчээттэммиттэрэ. Өр сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүк үөрэҕин эйгэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитин иһин, Виктор Данилович Михайлов М.К. Аммосов аатынан ХИФУ «Честь и достоинство» үрдүк наҕараадата, «Отличник народного образования РФ», «Заслуженный деятель науки Республики Саха (Якутия)», «Заслуженный деятель высшего профессионального образования РФ» бочуоттаах званиялара, действительный член Академии Духовности РС (Я), член-корреспондент Сибирской Академии наук высшей школы иҥэриллибитэ .

Философия билимин доктора, профессор, сөбүлэһии философиятын төрүттээччи Виктор Данилович Михайловнаукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ уонна уопсастыбаҕа сүппэт суолу хаалларбыта. Кини санаалара уонна бириинсиптэрэ саҥа көлүөнэ учуонайдары уонна устудьуоннары эйэҕэс буолууга, өйдөһүүгэ уонна бииргэ үлэлээһиҥҥэ угуйаллар. Кини туһунан өйдөбүнньүк биһиги сүрэхпитигэр уонна дьыалабытыгар тыыннаах хааллын, уонна кини санаалара биһигини сөбүлэһиигэ уонна эйэлээх буолууга дьулуһарбытыгар угуйа турдуннар.

Кыргыттара Анна Викторовна уонна Екатерина Викторовна Михайловтар,

Саввинов Андрей Саввич,

М.К. Аммосов  аатынан ХИФУ философия кафедратын сэбиэдиссэйэ,

философия билимин доктора, профессор

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: