Виктор Шамаев: «Саха сатаабата, кыайбата диэн суох»
«Анаабыр алмаастара» саха ыччатын бырамыысыланнаска сыһыаран үлэлэтэр биир баар-суох хампаанньабыт буолар. Билигин хампаанньа үтүө үгэстэрин салҕаан эдэр эрчимнээх салайааччылар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бүгүн биһиги «Анаабыр алмаастара» уопсастыба кылаабынай инженерэ, топ-менеджер Виктор Шамаевы кытары үлэ-хамнас туһунан кэпсэттибит.
— Виктор Эдуардович, идэҕин хайдах талбыккыный, бырамыысыланнас ыарахан үлэтин кыайа-хото тутарга ким олук уурбутай?
— Бастаан дьонум туһунан ахтан ааһыам. Аҕам Бүлүү улууһун Хампатыттан, ийэм Мэҥэ Хаҥалас улууһун Маттатыттан төрүттээхтэр. Оттон мин Дьокуускай куорат 26‑с №-дээх оскуолатын бүтэрбитим. Ол эрээри сайын аайы эбээлээх эһээбэр Хампаҕа тиийэн оттоон-мастаан, ыарахан үлэттэн чаҕыйбат, куттаммат буоларга, эппиккэ дылы, «норуот педагогикатынан» иитиллибитим.
Оскуолаҕа география уруогар биһиги Сахабыт сирэ хайдах курдук киэҥин-куоҥун, химия уруогар дойдум сирэ хайдахтаах курдук элбэх сиртэн хостонор баайдааҕын, аан дойду үрдүнэн биһиэхэ эрэ Менделеев табылыыссатын бары элэмиэннэрэ баарын сөхпүтүм. Оскуоланы бүтэрэрбэр итини хайдах туһаҕа таһаарыахха, сайыннарыахха сөбүй, ханнык үөрэххэ киирдэхпинэ ону ситиһиэхпиний диэн толкуйдаан баран, бырамыысыланнас хайысхатын таларга сыал-сорук туруоруммутум. Бастаан Саха судаарыстыбаннай университетын хайа факультетыгар киирбитим. Онно үөрэнэн «хайа инженерэ» идэни ыламмын, баччааҥҥа диэри үлэлии сылдьабын. Өссө үһүс кууруска үөрэнэ сылдьан 2008 сыллаахха «Анаабыр алмаастара» хампаанньа Майаат учаастагар производственнай быраактыка барбытым.
— Үөрэххин бүтэрэн баран бастаан ханна үлэлээбиккиний?
— Майаат учаастагар грохотовщигынан үлэлээн, дьэ бу, миэхэ сөптөөх үлэ эбит диэн быһаарбытым. Ол кэннэ үөрэхпин бүтэрэн, «Аллараа Ленскэй» диэн тэрилтэҕэ киирэммин, Талахтаах диэн учаастактан үлэбин саҕалаабытым. Оччолорго алмаас кириисиһэ буолбута, элбэх киһи барбыта. Онно үлэлии сылдьаммын, «горняк» буолуохтаахпын диэн, үлэм чааһын кэннэ хайа маастарын, үлэ хайдах барарый, мин эмиэ хайа инженерэ үөрэхтээхпин, ыйан-кэрдэн биэр диэн көрдөһөрүм. Оннук сырыттахпына, учаастак начаалынньыга хайа маастарын кытары хайалара сылдьарый диэн өйдөөн көрбүт этэ. Ол кэннэ биир күн ыҥыран ылан баран: «Дьоҥҥо тоҕо мэһэйдиигиний?» — диэбитэ. Онно: «Мин эмиэ хайа инженерэ үөрэхтээхпин, идэбинэн үлэлиэхпин баҕарабын, ол иһин үлэм таһынан иллэҥ кэммэр үөрэнэбин», — диэбитим. Икки ый ааспытын кэннэ хайа маастарын көмөлөһөөччүтүгэр холонон көр диэбиттэрэ. Этэҥҥэ үлэлээн, ол сыл 23 саастаахпар 200 киһини салайар начаалынньык буолбутум. Быйыл үлэлээбитим номнуо 14 сыла.
— Үлэ түмүктээх буоларын хайдах ситиһэр этигиний?
— Учаастакка үлэлии сылдьан, үлэм түмүктээх буоларын ситиһэ сатыырым. Оҥорон таһаарыы былаанын ылынан баран, полигоммун А4 кумааҕыга уруһуйдаан, исхиэмэ оҥорбутум. Полигон үлэ түмүгүнэн маннык буолуохтаах, үрэх манан ааһар, бааза, кумах манан таһыллыахтаах, тиэхиньикэ, сортировка, о. д.а. манан туруохтаахтар диэн уруһуйдаабытым. Онтубун бэчээттээн бараммын үлэһиттэрбэр тарҕаппытым. Урукку курдук биири бүтэрэн баран, салгыы үлэлииргэ атын киһи ыйан-кэрдэн биэрэрин кэтэһэ-манаһа сылдьыбат буолбуттара. Хас биирдии үлэһит туох-ханна буолуохтааҕын, үлэ түмүктэниэр диэри оҥоһуллуохтааҕын билэрэ. Үлэ оҥорон таһаарыыта тута тэтимирбитэ.
— Урукку кэми билиҥҥини кытары тэҥнээтэххэ, хайдаҕый?
— Бу сыллар тухары сайдыы балысханнык барда. Урут биһиги саҕалыырбытыгар, учаастакка хайа маастарыгар даҕаны араассыйа суох буоллаҕына, билигин хас тиэхиньикэ барыта араассыйалаах, ханна үлэлии сылдьарын көрдөрөр хонтуруоллуур систиэмэлээх. Онно тиэхиньикэ төһө сэлээркэни сиэбитэ, төһө үлэни оҥорбута барыта хонтуруолланар. Ити үлэ чааһын эттим. Оттон үлэһит олорор усулуобуйата эмиэ лаппа тубуста. Урут «таһырдьа тахсан киирэр» буоллаххына, билигин барыта сылаас дьиэ иһигэр баар. Сибээс даҕаны өттүнэн ыллахха, урут спутниковай сибээһинэн, баанньыкка баар төлөпүөнүнэн дьоммутун кытары 5‑тии мүнүүтэ кэпсэтээри, 20‑чэ киһи уһун уочаракка турааччы. Билигин МТС, МГФ, билайн оператордар бары бааллар, хаһан баҕарар сибээстэһэр кыахтаахтар.
— Билигин бырамыысыланнаска төһө элбэх саха ыччата үлэлиирий?
— Саха сатаабата, кыайбата диэн суох. Билиҥҥитэ биһиэхэ үлэһиппит 96% — саха ыччата. Орто саастара — 32–35. Саха киһитэ билигин — бульдозерист, белазист, учаастак начаалынньыга, бириискэ дириэктэрэ, о. д.а. Мин саҥа үлэлиирбэр, бэйэбит дойдубутугар маннык улахан бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ тоҕо сахалар суохтарый диэн дьиктиргиир этим. Тоҕо диэтэххэ, урут 70 туонналаах бульдозерга даҕаны сахалар үлэлээбэттэр этэ. Оттон билигин итиннээҕэр улахан уйуктаах тиэхиньикэлэргэ бэйэбит уолаттарбыт үлэлииллэр. Кимтэн да хаалсыбакка, бэркэ үлэлии сылдьаллар.
— Хампаанньаҕыт сирэ төһө кэҥээтэ?
— «Анаабыр алмаастара» хампаанньа үс улууска үлэлиир: Өлөөн, Анаабыр, Булуҥ. Уруккуттан баар сүрүн «Майаат» бириискэбитигэр түөрт учаастактаахпыт. Оттон уопсайынан ыллахха, 8 сиргэ лиссиэнсийэ ылан үлэни ыытабыт. 14–15 мөл. куб. сири переработкалаан, 4 мөл. карат күндү тааһы хостуубут. 2017 сылтан алмааһы хостуур учаастактарбытыгар көмүһү тэҥҥэ хостуубут. Онтубут сылга 200 кг тиийэр.
Ханнык баҕарар гео-бэлитиичэскэй балаһыанньаҕа көмүс сыаналанарынан, рентабельнай буоллун диэн, аҥаараҥаарга оҥоробут. Итини таһынан, быйыл Магадаан уобалаһыгар Дегдекан диэн сири ылбыппыт, билиҥҥитэ тэрээһин үлэтэ барар. 2029 сылтан толору баһылаан, бастакы 1 туоннабытын ылыахтаахпыт диэн былаанныыбыт.
— Ситиһии хас бырыһыана салайааччыттан тутулуктааҕый?
— Мин санаабар, аҥаара. Саамай сүрүн үлэ — былааннааһын. Сөптөөх былаан баар буоллаҕына, үлэ аҥаара оҥоһуллубут курдук саныыгын диэн баар дии. Былааннааһыҥҥа үлэ кыайтарар-кыайтарбат өрүттэрин сыаналаан, ырыҥалаан көрөҕүн. Итини таһынан, үлэ хаачыстыбата, тэтимэ хамаандаҕыттан, ол аата, үлэһиттэргиттэн тутулуктаах. Итини этэн туран, салайааччы быһыытынан, өссө 2015 сылтан үлэбитигэр дойдуга оҥоһуллар тиэхиньикэни өйүөххэ диэн соругу киллэрбиппит. Урукку улахан уйуктаах омук тиэхиньикэ-
лэрэ билигин даҕаны үлэлии сылдьаллар. Билигин «Четра» хампаанньаны кытары үлэлэһэн, 2022 сылтан 20‑н тахса тиэхиньикэни ылан үлэлии сылдьабыт. Эһиил «ДСТ-Урал» собуоту кытары үлэлээн, Д‑40 диэн «Komatsu» бульдозерын курдук тиэхиньикэни ылан биһиги усулуобуйабытыгар төһө эппиэттиирин, тугу эбиэххэ сөбүн боруобалаан көрүөхтээхпит. Мин биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар үлэлээбит тиэхиньикэ ханна баҕарар үлэлиир кыахтаах диэн этэбин.
— Ыччакка тугу этиэҥ этэй?
— Сахам ыччата, бырамыысыланнаска сыстан үлэлээ диэм этэ. Билигин эдэр дьон үксэ хамнас кыра дуу, улахан дуу диэн көрөр. Киһи бэйэтэ эрдэттэн былааннаан, кыра хамнастан саҕалаан, үчүгэй исписэлиис буолуохтаахпын, уопут ылыахтаахпын диэн сыал-сорук туруорунуохтаах. Кылаабынайа — үлэттэн куттанымыахха наада. Мин саныахпар, оҥорон таһаарыы эйгэтигэр үлэҕэ үөрүйэх уонна дьиссипилиинэ баар буолуохтаах. Мин, бастатан туран, дьоммун, төрөппүттэрбин саныыбын. Кинилэри түһэн биэрбэт курдук үлэлиэхтээхпин-хамсыахтаахпын, кырдьар саастарыгар күүс-көмө буолуохтаахпын диэн. Эппиэтинэстэн куттаныа суохтаахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: