Бүгүн биһиги хаһыаппыт ыалдьыта суруналыыс, фитнес-инструктор Виктория Бястинова.
Мин Викалаах Коля билсиспит сырдык күннэрин бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. Ити 2011 сыллаахха Суоттуга ыытыллыбыт эдэр суруналыыстар медиа пуорумнара этэ. Уол кыыһы бэлиэтии көрүүтэ оһуокай кэмигэр саҕаламмыта. Вика кылыһахтаах куолаһынан оһуокай тылын этэр кэмигэр суруналыыс уол Коля Бястинов харахтара Викаттан арахпатахтара. Биһиги тута, «Оо, бу дьон үчүгэй буолаллара буолуо?” диэн испитигэр үөрэ санаабыппыт. Николай оччолорго “Спорт Якутии” хаһыат суруналыыһа, оттон Вика успуордунан утумнаахтык дьарыктанар олус көхтөөх суруналыыстыка салаатын устудьуоҥката этэ. Бу эдэр ыал уруу киэһэлэригэр эмиэ ыалдьыттаан турардаахпын. Онон бүгүн биир идэлээхпин, икки оҕо ийэтин Викторияны кытта хас да сыл ааспытын кэннэ, дьэ, көрсөн, ирэ-хоро кэпсэттибит.
– Виктория, эн төрөөбүт күнүҥ, сылыҥ оруобуна өрөспүүбүлүкэ суверенитетын ылыныы күнүн уонна 90-с сыллар уларыйыыларын кытта ыкса ситимнээх. Бу эн олоххор туох суолталааҕый?
– Оҕо сылдьан бу туһунан улаханнык аахайбат этим. Онтон кэлин улаатан, устудьуоннуу сылдьан саха култууратыгар, норуотугар болҕомто ууруллан, өрөспүүбүлүкэбит таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллар буолуохтарыттан бииргэ үөрэнэр доҕотторум, дьон-сэргэ: «Хайыа, Вика, бу күҥҥэ төрөөбүт эбиккин дии» дииллэриттэн киэн туттар, астынар буолбутум.
– Идэҕинэн суруналыыс киһи, кэлин бэйэ дьарыгын, талааҥҥын сайыннаран соһуччу үлэҕин хаалларан барбыккын билэбит. Ити туһунан сиһилии кэпсээ эрэ. Маннык хорсун санаа хайдах киирбитэй?
– Биһиги аймах суруналыыстар династиялара буолабыт диэн эттэхпинэ сыыспатым буолуо. Эһээм Петр Никадонович Гоголев Уус Алдан улууһугар биллэр-көстөр суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи. Кини уола Анатолий Петрович Гоголев суруналыыстыка салаатынан салайар үлэҕэ үлэлээбитэ. Ону сэргэ мин убайым, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов эмиэ идэтинэн суруналыыс. Ону сэргэ тастыҥ аймахтарым үгүстэрэ саха тылын, суруналыыстыка салаатын бүтэрбиттэрэ. Мин ону көрө улааппыт буоламмын эбитэ дуу, кинилэр командировкаҕа айанныылларын, сэргэх матырыйааллары оҥороллорун ааҕа улаатаммын, оҕо эрдэхпиттэн бу идэни олус сэргиирим. Оскуоланы бүтэрдэхпинэ суруналыыс буолуом диэн бигэ санаалаах этим. Ол эрээри киһи аҥаардас идэнэн эрэ үлүһүйэн олороро билиҥҥи аныгы үйэҕэ тутах. Аныгы,сайдыылаах үйэҕэ киһи интэриэһиргиир, сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтаах. Мин оннук биир сөбүлүүр дьарыкпынан успуорт буолар. 2014 сыллаахха суруналыыстыка салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитим иһин миэхэ дьонум 50 тыһыынча солкуобай бэлэх ууммуттара. Оччолорго син элбэх харчы буоллаҕа. Мин ол харчыны таҥаска-сапка, малга-салга бараабакка, Красноярскайга баран фитнес-инструктор үөрэҕэр үөрэнэн кэлбитим. Ол кэнниттэн субуруччу уоллаах кыыс оҕоломмутум. Ол иһин ити ылбыт идэбинэн үлэлээбэккэ хаалбытым. Дьэ, дьиэҕэ оҕолорбун көрө олороммун сахалыы да нууччалыы да суруйар идэбин бырахпакка инстаграм социальнай ситимҥэ блог арыммытым. Бу ситимҥэ тус санааларбын, олоххо көрүүлэрбин, сөптөөх аһааһын, успуорт туһунан өрүү сырдатар буоларым. Ити кэннэ сотору кэминэн үлэбэр тахсыбытым. Төһө да социальнай ситимҥэ өрүү суруйа олордорбун, үлэбиттэн тэйэ быһыытыйбыт курдук этим. Онтон бу олоххо киһи биирдэ олорор, хайдах сөбүлүүр дьарыкпынан дьарыктаныам суоҕай уонна хаһан ылсыамый диэн санааттан олохпун 180* кыраадыс уларытарга санаммытым.
Инньэ гынан уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, суруналыыстыканы тохтотон, фитнес-инструкторынан үлэбин саҕалаабытым.
– Билигин социальнай ситим аһары сайынна. Дьон олоҕун-дьаһаҕын бар дьон хараҕын далыгар таһаарар, сүбэ-ама биэрэр буолла. Эн эмиэ сүбэ-ама биэрэҕин, дьиэ-уот олоҕуттан сырдатаҕын. Итиннэ бэйэҥ тус санааҥ.
– Билигин социальнай ситими дьон олоҕун туһунан кэпсиир буолбакка, киһи биисинэс салаатын курдук ылыныахтаах. Социальнай ситим нөҥүө элбэх үлэ баар буолла. Билигин киһи табаарын, өҥөтүн барытын бу ситим нөҥүө таһаарар. Онон блогердар үлэлэрин мин үлэ курдук ылыныллыахтаах дии саныыбын. Манна улахан үп-харчы эргийэр. Мөлүйүөнүнэн харчыны оҥорор блогердар тустарынан этэ да барбаккын. Оттон Саха сирин, чуолаан, биһиги дьиэ кэргэн социальнай ситиммит туһунан этэр буоллахха, кэргэним Коля социальнай ситимҥэ эмиэ туспа сирэйдээх. Онно биһиги дьиэ кэргэммит сирэйдэрэ социальнай ситимнэргэ үтүөнү аҕалар диэн этиэххэ наада. Коля холобур успуорт сонуннарын, оттон мин бэйэм олоҕум нөҥүө оҕолору иитии, дьиэни-уоту тупсарыы, оҥоруу, сөптөөхтүк аһааһын курдук блогтары таһаарабын. Онон социальнай ситими мин үлэ быһыытынан көрөбүн.
– Дьиэ кэргэҥҥэ эр киһи үлэтэ-хамнаһа тахсарыгар дьахтар оруола улахан дииллэр…
– Биһиги аныгы ыал сиэринэн бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн, өйөһөн олоробут. Холобур, мин үлэбэр кэргэним өттүттэн көмө элбэх. Оҕолорун көрөн-истэн, уһуйааҥҥа илдьэн-аҕалан, ону сэргэ сүбэ-соргу буолан өрүү өйүүр, көмөлөһөр. Былыр, өбүгэлэрбит саҕана дьахтардаах эр киһи сыһыаннара атын буоллаҕа. Дьиэҕэ эр киһи тойон, дьахтар бас бэринэр эбит буоллаҕына, билигин аныгы кэмҥэ олох укулаата уларыйдаҕа. Эр киһи эмиэ дьиэ ис үлэтигэр, оҕону иитиигэ кыттыһар буоллаҕа. Оттон ити дьахтар оруолун туһунан этэр буоллахха, мин санаабар эр киһиэхэ эрэниэххэ, итэҕэйиэххэ наада эбит. Итэҕэлгэ кинилэр наһаа наадыйаллар. Холобур, Коля суруналыыстыы сылдьан наһаа кыра хамнаһы аахсар этэ. Ону мин ыкпат-түүрбэт, хаһан да сирэй-харах анньыбат, өрүү итэҕэйэр этим. Оннук эрэнэ, итэҕэйэ сырыттахха эр киһи хамнанара, сүүрэрэ-көтөрө атын буолар эбит. Эр киһи дуоһунаһа үрдүүрүн кытта толорор үлэтэ, эбээһинэһэ, эппиэтинэһэ эмиэ элбиир, үрдүүр. Онно эмиэ кэргэн өттүттэн өйөбүл буолуохха наада.
Ити маарыын этэн аһарбытым курдук биир сүбэнэн олорууну көрөбүн. Мин холобур туох эрэ идиэйэлээх кэллэхпинэ, Коля истэр, онтон иккиэн олорон толкуйдуубут. Быһаарыныы ылынарга хайаан да иккиэн сүбэлэһэбит. Уопсайынан, биһиги тугу даҕаны уустугурда сатаабаппыт. Олохпут тэтимэ наһаа түргэн. Онон быһарыныы ылынарга иккиэн толкуйдуубут.
– Оҕолоргутун хайдах иитэҕит? Билигин гаджет муҥутаан сайдыбыт кэмигэр ити кыһалҕаны хайдах быһаараҕыт?
– Мичийэ диэн түөрт саастаах кыыстаахпыт уонна Эрчим диэн алта саастаах уоллаахпыт. Оҕолорум кыраларыгар дьиэҕэ олорон оҕолорбунан күүскэ дьарыктанар этим. Араас оҥоһуктары оҥорон, сайыннарар оонньуулары оонньоторум. Онтон үлэбэр тахсыахпыттан ити болҕомто арыый аччаата. Ол эрээри мин үксүн болҕомтону төлөпүөннээҕэр тэлэбиисэргэ биэрэ сатыыбын. Тоҕо диэтэххэ, улахан экраҥҥа киһи хараҕа наһаа сылайбат дии саныыбын. Төлөпүөнү наһаа биэрэ сатаабаппыт эрээри, быыс-арыт булан оонньууллар. Ити ордук мин оҕолорбун үлэбэр илдьэ кэлбит түгэммэр буолааччы. Оҕолору аралдьытаары төлөпүөн биэрэбин. Төһө кыалларынан хааччахтыы сатыыбын. Ол курдук отут мүнүүтэ устата көрдөрөн баран эппит бириэмэбэр төлөпүөннэрин ылабын.
– Уһук Илиҥҥи ипотека бырагыраамматынан дьиэ туттубутуҥ туһунан блог суруйбут этиҥ. Ипотекаҕа сүүрүү, дьиэ туттуу сыанан аҕаабат үлэ. Эттэххэ эрэ судургу курдук буолуо, оттон ис дьиҥэр туох уустуктардаах эбитий?
– Биһиги куоракка кыбартыыраҕа олорор этибит. Икки оҕолоох ыалга кыараҕас этэ. Оҕолорбут улаатан, сылтан-сыл олорон истэхпит ахсын малбыт-салбыт элбээн испитэ. Онуоха оруобуна Уһук Илиҥҥи ипотека туһунан истибиппит, тоҕо эрэ бастаан аахайбатахпыт. Онтон толкуйдаан көрбүппүт, арай Коля 35 сааһын 2021 сылга туолар эбит. «Хайыа, куоттараары гыммыппыт” дэстибит. Бу Уһук Илиҥҥи ипотека усулуобуйатынан, эдэр ыал 35 сааһын туола илик буолуохтаах. Инньэ гынан олус түргэнник быһаарыныы ылынан кыбартыырабытын атыылаабыппыт уонна ол харчытынан чааһынай дьиэ туттарбыппыт. Оччолорго мас сыаната үрдүү илик этэ. Түргэнник хамсаммыппытыттан билигин наһаа махтана саныыбыт. Уһук Илиҥҥи ипотека бырагыраамаҕа киирсэргэ арай сир көрдүүрбүтүгэр уустуктары көрсүбүппүт. Куорат иһигэр сир булар наһаа уустук эбит. Сатал эҥин эҥэр биһиэхэ ыраах курдук этэ. Оттон куорат иһигэр сыана наһаа ыарахан этэ. Онуоха хата биир бэйэбитигэр сөптөөх үчүгэй баҕайы сири булан, атыылаһа охсон дьиэбитин туттубуппут.
– Билиҥҥи толкуйгунан дьоллоох дьиэ кэргэни эн хайдах көрөҕүн?
– Дьоллоох дьиэ кэргэн диэн өйдөбүлгэ барыларын биир халыыпка ылар уустук буолуо. Хас биирдии ыал тус-туспа сыаллаах, олоҕо-дьаһаҕа, олорор сирэ-уота уратылаһар. Ол эрээри саамай сүрүнэ, дьиэ кэргэҥҥэ таптал баар буолуохтаах. Таптал баар буоллаҕына өйдөһүү, өйөһүү баар буолар.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…