Виктория истипиэндьийэтин байыаннай дьайыыга сылдьар дьону өйүүр пуондаҕа ыытта
Ленскэй улууһун Бэчинчэ нэһилиэгэр олорор 10-с кылаас үөрэнээччитэ, үөрэх туйгуна, спортсменка бастыҥа, оскуола парламенын бэрэсидьиэнэ Виктория Степанова Ил Дархан Айсен Николаев харыйатыгар ылбыт 25000 солк. суумалаах истипиэндьийэтин байыаннай дьайыыга сылдьар дьону өйүүр пуондаҕа ыытта.
Ол туһунан «Ленский вестник» хаһыат суруйар. Бу эдэркээн оҕо ис санаатыттан көмөлөһөр санаалаах маннык быһаарыныыта хайҕаллаах дьыала. Барыбытыгар холобур буолар. Маннык үтүө санаалаах, амарах дууһалаах патриот ыччаттаах дойдуну, ама, ким кыайыай.
«Виктория биһиги байыаннай дьайыыларга сылдьар байыастарбыт этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэллэрин туһугар бэйэтин кылаатын киллэрдэ. Биһиги кыыспыт маннык быһыытыгар сүгүрүйүөх тустаахпыт. Ити оскуолаҕа патриотическай иитии сөптөөхтүк барарын уонна дьиэ кэргэнэ дьоһуннаахтык иитэллэрин туоһута. Виктория дьоно кыыстарын үтүө холобурун өйөөбүттэригэр улаханнык махтанабыт», – диэн Бэчинчэ оскуолатын дириэктэрэ Валентина Арбатская киэн тутта кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: