Салгыы
Виктория Лебедева: «Удьуор утуму салҕаан, өбүгэлэрбит үгэстэрин үйэтитэбит»

Виктория Лебедева: «Удьуор утуму салҕаан, өбүгэлэрбит үгэстэрин үйэтитэбит»

30.01.2023, 09:00
Бөлөххө киир:

Томпо улууһун Тополинай бөһүөлэгэр былыр-былыргыттан эбээннэр түөлбэлээн, уутуйан, дириҥник силис тардан олорор сирдэрэ. Бу тустууга олимпийскай чөмпүйүөн Виктор Лебедев төрүт дойдута. Мантан элбэх биллэр-көстөр дьон тахсыбыта, сэбиэскэй кэмҥэ «Томпо» сопхуос таба иитиитигэр аатыран-сураҕыран, ньиргийэн олорор үлэлээҕэ-хамнастааҕа. Тополинайга урукку кэмҥэ үлэни өрө туппут удьуор табаһыт аймахтар түөлбэлээн олорбуттара.

Бүгүн мин олоҕун табаны уонна таба иитиитин кытта ситимнээбит Томпо улууһун Тополинайыгар олорор көмүс тарбахтаах, имигэс илиилээх иистэнньэҥ – төрүт уус община талыы-мааны хотуна Виктория Ахтамовна Лебедеваны кытары билиһиннэриэм.
Кини элбэх оҕолоох ийэ, эйэ­ҕэс эбээ, хос эбээ, бастыҥ хаһаай­ка, норуот маастара. Бу сырдык хааннаах, кэрэ сэбэрэлээх, номоҕон дьүһүннээх 60-н ааспыт Далбар хотун сыыйа тардан эбээн норуотун, таба иитиитин, төрүт дьарыгын туһунан кэпсээн бардаҕына, хаһан да көрбөтөх Томпо үрэҕин уута таас хайаттан суккуллан түһэргэ, сыарҕа­лаах уонна миинэр табалаах дьон, оҕолор айаннатан иһэллэрэ харахпар көстөн ыларга дылы.

ДЬИЭ КЭРГЭН – ОЛОХ ТӨРДӨ

– Кэргэним Лебедев Степан Михайлович төрүт уус общинабыт баһылыга. 2013 сыллаахха эһэбит Михаил Степанович Лебедев аатынан төрүт уус көс общинатын тэриммиппит, кини 55 сыл устата таба иитиитигэр үлэлээбитэ. Ити курдук, биһиги билигин өбүгэлэрбит, эһэбит дьыалатын салгыыбыт.
Биһиги икки кыыс, икки уол оҕолоохпут. Уолаттарбыт уонна кыра кыыспыт бэйэбитин кытары таба иитиитинэн дьарыктаналлар. Улахан кыыспыт Алдаҥҥа олорор, үлэлиир. Уонтан тахса сиэннээхпит, икки хос сиэннээхпит.
Иллэҥ кэммэр түүлээҕинэн иистэнэрбин сөбүлүүбүн. Дьиэ кэргэнинэн бары нэһилиэккэ, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар тэрээһиннэргэ кыахпыт баарынан кыттабыт.
Ааспыт 2022 сылга Томпо улууһун чиэһин өрөспүүбүлүкэҕэ көмүскээбиппит. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр Аан дойдутааҕы Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах олохтоох төрүт омуктарын күнүгэр кыттыбыппыт. Дьиэ кэргэнинэн бары эбээн омук таҥаһын-сабын, олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрбиппит. Онно «Төрөөбүт тылы харыстааһын» номинацияны ылан сэртипикээтинэн наҕараадаламмыппыт. Ол кэннэ балаҕан ыйыгар Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар департаменнара Москваҕа буолар «Хоту дойду баайа» XVII аан дойдутааҕы быыс­тапкаҕа кытыннара ыыппыта.

НОРУОППУТ ҮГЭҺИН КЭПСИИБИТ

– Онно Саха сириттэн 60-н тахса маастар бэйэтин оҥоһугун, оҕуруонан, түүлээҕинэн, маһынан, ровдуганан, о.д.а. матырыйааллартан оҥорон кыттыбыта.
Эбээн, эбэҥки, долган, чукча, о.д.а. хотугу норуоттар таҥастарын-саптарын, малларын-салларын көрдөрбүттэрэ. Дьүүллүүр хамыыһыйа төрүт таҥаһы тигии­ни, оһуору-бичиги барытын сыныйан көрөн сыаналаабыттара. Түүлээх таҥаһы таҥастааһынтан саҕалаан хайдах тигиллэригэр тиийэ кэпсээн көмүскээбиппит, ол кэннэ өссө бэйэбит кэтэн хааман көрдөрбүппүт. Мин онно «Лучшее произведение национального народного творчества» куонкуруска «Национальный костюм из ровдуги» номинация­ҕа бастакы миэстэни ыламмын дьупулуомунан уонна куубагынан наҕараадаламмытым.
Өссө Арктика уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэтин бэрэстэбии­тэлэ буоларым быһыытынан, «Еда без спешки» куонкуруска кыттаммын 1 миэстэни ылбытым. Бу куонкуруска олус элбэх киһи – Арассыыйа 64 эрэгийиэниттэн кыттыбыта. Куонкурус тыҥааһыннаахтык ааспыта, эмтээх оттортон, отоннортон оҥоһуллубут утахтар үгүс дьон болҕомтотун тардыбыттара.

ОҔО ИЙЭ ТЫЛЫН БИЛИЭХТЭЭХ

Сыл аайы оҕолорбут, сиэннэрбит биһигини кытары ыстаадаҕа сайылыыллар. Дьэ оччоҕо бэйэбит тылбытынан эбээннии кэпсэтэн сиэннэрбитин үөрэтэбит. Ыччаттарбытыгар төрөөбүт тылбытын, олохпутун-дьаһахпытын, үгэстэрбитин үөрэтэ сатыыбыт. Биһиги бары тылбытын сүтэрбэккэ тута сылдьарга, оҕолорбут, сиэннэрбит, хос сиэннэрбит билэллэригэр кыһаллабыт. Кэлин биһиги дьарыкпытын, үгэстэрбитин салҕыахтара диэн эрэнэбит.
Эппитим курдук, сүрүн үлэбит таба иитиитэ, ол гынан баран, онтон быыс булан, иистэннэхпинэ, илиибинэн тугу эбит оҥордохпуна сүргэм көтөҕүллэр. Ол иһин иллэҥсийдим даҕаны тирии имитэбин, иистэнэбин, ойуу-дьарҕаа түһэрэбин. Мин норуо­тум баай уопутугар олоҕуран, оһуорун-бичигин сөпкө туттан, би­­һиэхэ бэйэбитигэр кэтэргэ сөптөөх гына тигэбин.

ҮЛЭ-ХАМНАС ТУҺУНАН

– Эппитим курдук, таба иитии­тэ – биһиги төрүт дьарыкпыт. Мин бэйэм Томпо диэн кыра нэһи­лиэккэ төрөөбүтүм. 1976 сыл­лаахха Тополинайга көһөн киирбиппит. Ол кэмҥэ «Томпо» сопхуос хотугу оройуоннарга таба иитиитигэр бастыҥнар кэккэлэригэр, инники кирбиигэ сылдьара, аатыран ахан олорор кэмэ этэ. Онно дьэ табаһыттарга анаан тутуллубут толору хааччыллыы­лаах дьиэҕэ көспүппүт. Оскуоланы бүтэрэн баран «Томпо» соп­хуоска эдэр сааспытыттан табаҕа үлэлээбиппит. Ол кэмҥэ сопхуос дириэк­тэринэн аатырбыт Кладкин Василий Михайлович үлэлээбитэ. Олус үчүгэй, сатабыллаах салайааччы, Социалистическай Үлэ Дьоруойа этэ. Ол кэмҥэ сопхуоска 22000 төбө табалаах этибит. Тополинай бөһүөлэгэ олорорго олус үчүгэйэ, табаһыттар толору хааччыллыылаах дьиэлээхтэрэ, киһи санаа хоту үлэлиирэ, өйөбүл да баара. Ол кэнниттэн олох уларыйан, таба иитиитэ эмиэ тыа хаһаайыстыбатын атын салааларын курдук таҥнары түһэ сыһан баран, өрүттэн эрэр.
Биһиги аан бастаан 2016 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин граныгар кыттан 1,5 мөл. солк. ылан, таба атыыласпыппыт. Ол иннинэ итинник көмө суох этэ. 53 төбөттөн саҕалаан баран 400-тэн таһаар­дыбыт. Билигин даҕаны табаларбытын элбэтэр санаалаахпыт. Табабыт төбөтүн элбэтэргэ араас хабааннаах Граннарга кыттабыт. Билигин Усуйаана улууһуттан таба атыылаһарга кэпсэтэ сылдьабыт.

КЫҺАЛҔА ДА БААР…

– Табаһыт хамнаһа кыратыттан ыччат үлэлии барбат буолла дииллэрэ оруннаах, ханна да буоларын курдук, биһиэхэ эмиэ оннук. Ол иһин оҕолорбутун, сиэннэрбитин бэйэбит аттыбытыгар илдьэ сылдьан, төрүт дьарык­пытыгар сыһыара сатыыбыт.
Иккиһинэн, ыраах тыа сиригэр уонна көһө сылдьан ыстаа­даҕа олорорбут быһыытынан кэмигэр сөптөөх эмтэниини ылбаппыт, онон доруобуйаны көрдөрүнүү кыһалҕата баар. Буоларын курдук, табаһыттар солбук үлэһит уонна табаларын кимҥэ да хаалларар кыахтара суоҕунан, ыраах ханна да барбаттар. Ол иһин доруобуйаларын көрдөрүммэккэлэр сүһүөх, куртах, сүрэх ыарыыларынан ыалдьар дьон элбэх. Эппитим курдук, үгүстүк ити кыһалҕаттан санаторийдарга, эмтэнэ, доруобуйаларын чэбдигирдэ бараллара хааччахтанар. Ити табаһыттарга эмиэ биир сүрүн кыһалҕа буолар.
Хамнас кыра буолан, үгүстэр бултаан-алтаан, балыктаан, иистэнэн эбии дохуоттаналлар. Кыһыннары-сайыннары ыарахан усулуобуйаҕа үлэлиир, тоҥор-хатар, тымныйар киһи кэмиттэн кэмигэр эмтэнэр эрэ буоллаҕына үйэтэ уһуур.

МИН ДОЙДУМ УРАТЫ ЭЙГЭЛЭЭХ

– Биһиги олус кэрэ айылҕалаах, ойуурдаах хайалаах ураты дойдулаахпыт. Суккуллар уулаах Томпо үрэхтээх итиэннэ Дьааҥы сис хайалара хаймыылаах ураты тыыннаах, дьикти кэрэ сиргэ олоробут.
Тополинайга барыта 900-н тахса киһи олорор, улахан аҥаа­ра эбээн. Төрөөбүт тылбытынан, эбээннии оскуолаҕа 1 кылаас­тан үөрэтэллэр. Онон төрөөбүт тылбытын сайыннара сатыыбыт. Бөһүөлэккэ 200 миэстэлээх оскуо­ла үлэлиир, онно 100-н тахса оҕо үөрэнэр. Үс сыл анараа өттүгэр саҥа оҕо саада тутуллубута, уопсайынан, социальнай тэрилтэлэр бары бааллар, ол гынан баран анал идэлээх каадыр тиийбэт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: