Вильфанд билгэтэ: Ахсынньыга нуорманы таһынан сылаас кыһын буолуо

Вильфанд билгэтэ: Ахсынньыга нуорманы таһынан сылаас кыһын буолуо

Ааптар:
01.12.2024, 09:30
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Ахсынньыга Арассыыйа бары субъектарынан салгын температурата нуорматтан үрдүк буолуоҕа.

Бу туһунан сэтинньи 29 күнүгэр дойду гидрометеосулууспатын научнай салайааччыта Роман Вильфанд кэпсээтэ. «Интерфакс» кытары кэпсэтиигэ кини ахсынньы ыйга ортотунан салгын температурата нуорматтан намыһах көрдөрүү биир да субъекка күүтүллүбэтин бэлиэтээтэ.

«Дойду бары субъектарынан ахсынньыга ортотунан салгын температурата нуорматтан намыһах ханна да бэлиэтэниэ суоҕа. Бары территорияларынан кэриэтэ нуормаҕа чугас уонна нуорматтан үрдүк буолара кэтэһиллэр», — диэтэ метеоролог.

Кини этэринэн, ахсынньыга сэдэх көстүүнэн Азия үгүс өттүгэр Атлантическай акыйаан циклоннара түһүөхтэрэ. Синоптик ону сэргэ дойду үгүс субъектарынан нуорма кэриҥэ сөҥүү түһэрэ күүтүллэр эрээри, киин федеральнай уокурук соҕуруу өттүгэр — Рязанскай, Воронежскай, Тульскай, Липецкай уонна Тамбовскай уобаластарынан, ону тэҥэ Саха сирин хотугу өттүгэр сөҥүү нуорматтан намыһах түһэрэ сылыктанар.

Ордук элбэх сөҥүү Ненецкай автономнай уокуругунан, Архангельскай уобалаһынан, Коми уонна Мурманскай уобаластарынан, Пермь кыраайынан, Ямало-Ненецкэй уонна Ханты-Мансийскай автономнай уокуруктарынан, ону тэҥэ Сибиир соҕуруу өттүгэр уонна Уһук Илиҥҥэ (Чукотка, Бурятия, Магадаан уобалаһа уонна Приморскай кыраай)  түһэрэ күүтэллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, «Метео»  киин салайааччыта Александр Шувалов иһитиннэрбитинэн, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ортотунан салгын температурата кыһын устата сылаас буолуо. Кини этэринэн, будурҕан тымныылар кылгас эрэ кэм устата түһэрэ сабаҕаланар.

+1
16
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: