Виртуоз-хомусчут Дьүрүйээнэ Полад Бюльбюль оглы бэстибээлигэр кытынна

Share

Аан дойду виртуоз-хомусчута, этно-ырыаһыт, муусукаан Юлиана Кривошапкина-Дьүрүйээнэ Азербайджан Шуша куоратыгар түүр норуоттарын култуураларын «Хары-Бюльбюль-2023» аан дойдутааҕы бэстибээлигэр кытынна.

Дьүрүйээнэ 1989 сылтан ыытыллар бэстибээлгэ кыттыбытын туһунан маннык кэпсээтэ:

«Мин ийэм Евдокия Петровна  уонна кини көлүөнэтэ олус сөбүлүүр, номоххо киирбит ырыаһыты илэ көрсөн дьоллоннум.

Улахан бэстибээлгэ ыҥырыллыбыппыттан уонна үтүөкэннээх сыанаҕа оонньообуппуттан ис сүрэхпиттэн үөрдүм.

Бэстибээли Арассыыйаҕа Азербайджан посола, Азербайджан Өрөспүүбүлүкэтин култууратын урукку миниистирэ, эстрада ырыаһыта, композитор, педагог, артыыс, искусствоведение доктора, бэрэпиэссэр, дипломат, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Полад Бюльбюль оглы көҕүлүүр.

Бэстибээл ыам ыйыгар Шушаҕа үүнэр уонна бу куорат бэлиэтинэн буолар Хары-бюльбюль сибэкки аатынан ааттанар».

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

7 часов ago