«ВИС» хампаанньа «Смарт» поликлиниканы тутан бүтэрэн эрэр
Ахсынньы 24 күнүгэр “ВИС” холдинг тутулла турар баараҕай эбийиэктэригэр суруналыыстары сырытыннарда. Бастаан пуорт оройуонугар тутулла турар “Смарт” поликлиникаҕа – 2-с №-дээх куорат балыыһатын поликлиникатыгар сырыттыбыт.
Тутуу 6 этээстээх, 8856 кв.м. иэннээх – манна улахан дьон уонна оҕо поликлиникалара, дьахтар консультацията тус-туспа ааннаах буолуохтара. Симиэнэҕэ 600 киһини көрүөхтэрин сөп. Диагностическай, терапевтическэй отделениелар, килиньиичэскэй-диагностическай лаборатория, сардаҥанан эмтиир отделение, суһал көмө кэбиниэтэ, күнүскү стационар уонна колл-киин үлэлиэхтэрэ. Дьиэ таһыгар массыыналар тохтуур сирдэрэ, сылаас автобокс, “суһал көмө” массыыната киирэр-тахсар сирэ оҥоһуллуохтара.
Поликлиниканы бырайыактыырга дьон халҕаһата хайдах ааһарын, куттала суох буолуу уонна инбэлииттэр сылдьалларыгар ирдэбиллэри учуоттаан оҥорбуттар. Дьиэ түөрт лииптээх, сөрүүкэтэр уонна баһаары умуруорар, буруону суох гынар систиэмэлэрдээх. Ирбэт тоҥҥо турар буолан, сайын да ирбэтин диэн, сыбаайаларын тоҥорор анал тэриллээх.
Билигин 90-ча үлэһит, 5 тиэхиньикэ үлэлии сылдьаллар. Ититии киирбит, өстүөкүлэлэрин, түннүктэрин туруорбуттар. Ис истиэнэлэрин тута, инженернэй ситимнэрин тарда, тас эркиннэрин оҥоро сылдьаллар. Барыта 5520 кв.м. бетон ууруллубут. Дьиэ 65%-на тутуллубут.
Саҥа поликлиника Дьокуускай куоракка биир улахан мэдиссиинэ киинин быһыытынан үлэлиэҕэ. Аныгы мэдиссиинэ тэриллэринэн: магнитнай-резонанснай томографтарынан, сыыппаранан үлэлиир УЗИ систиэмэлэринэн, рентген, эндоскопическай, маммографическай, флюрографическай тэриллэринэн хааччыллыаҕа.
“ВИС бөлөх салайааччылара этэллэринэн, хампаанньа бу мэдиссиинэ тэриллэрин сыана үрдүү илигинэ номнуо атыыласпыт уонна билигин ыскылаакка харайан сытар. Кулун тутар ыйга суолунан сырыыны баттаһа тиэйэн аҕалыахтара уонна туруоран саҕалыахтара.
Поликлиниканы от ыйыгар тутан киллэрэр былааннаахтар. Тутуу судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии көрүҥүнэн ыытыллар.
— Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии көрүҥэ үчүгэйэ диэн, маннык улахан тутууларга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ ноҕуруускаламмат. Бүддьүөт бастаан 30-40%-нын төлүүр, уоннааҕытын кэлин биэрэр. “ВИС” хампаанньа анал тиэхиникэнэн, миэбэлинэн толору хааччыйан, тутан биэрэр уонна хас да сылы быһа мэктиэ биэрэн, инженернэй, тэхиньиичэскэй өттүнэн бэйэбит хааччыйабыт. Онон хаачыстыбаҕа кыһаллабыт, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабыт.
Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии көрүҥүнэн тутуллар дьиэлэр болдьохторугар тутуллубакка, туран хаалбаттар, тоҕо диэтэр, хампаанньа бэйэтин үбүн укпут буолан, тутан бүтэрэргэ интэриэстээх, — диэн “ВИС” бөлөх корпоративнай коммуникацияларга департаменын салайааччы Сергей Козловскай кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: