РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин үлэһиттэрэ А.А.Вишневскай аатынан Киин байыаннай госпиталга сырыттылар. Кинилэр байыаннай сулууспалаахтарга өрөспүүбүлүкэттэн баһыылкалары уонна кэһиилэри тиэртилэр.
“Биһиги уолаттарбыт Саха сириттэн кэлбит кэһииттэн уонна истиҥ көрсүһүүттэн үөрдүлэр”, — диэн Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлин солбуйааччы Мария Сафонова уонна социальнай боппуруостарга уонна уопсастыбаны кытта сибээһи сайыннарыыга управлениетын салайааччыта Вера Свешникова кэпсииллэр.
Госпиталь кылаабынай бырааһын солбуйааччы Роман Зенин бэлиэтииринэн, Саха сирэ куруук көмөлөһөр эрэгийиэннэртэн биирдэстэрэ буоларын бэлиэтээтэ уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыгар Айсен Николаевка уонна РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлигэр, Биир кэлим сүрүннүүр киин салайааччытыгар Андрей Федотовка махтанна.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…