Витграсс утах: “Саха оту сиэбэт” дииллэр да…
Оҕо сылдьан, бука, бары даҕаны тэлгэһэ отун биирдэ эмэ амсайан көрдөххүт буолуо. Быйыл кыһын Амма улууһугар бара сырыттахпына, Бөтүҥ оскуолатын үлэһиттэрэ оол, хаһааҥҥыта эрэ умнулла быһыытыйбыт оҕо сааспар эргитэн илдьибиттэрэ. Биирдэ туттуллар чааскы түгэҕин сабар-саппат гына кутан, тэлгэһэ отуттан уратыта суох амтаннаах, чээлэй күөх дьүһүннээх утаҕы амсаппыттара. Итиэннэ киһиэхэ бэрт туһалааҕын, эмтээҕин, битэмииннээҕин кэпсээбиттэрэ.
“Туохтан саҕаламмытай?” диэ
Эбиэс, сэлиэһинэй араскытын үүннэриинэн, улуус оччотооҕу баһылыга Н.А. Архипов идиэйэтинэн, Амма улууһун Бөтүҥ оскуолатыгар нуучча тылын учуутала Айталина Егорова салалтатынан дьарыктанан саҕалаабыт, билигин кини билим чааһын салайар. Күн бүгүн быраактыка өттүн технология учуутала Туйаара Самсонова сүрүннүүр. Кэпсэтэн билбитим – үүнээйигэ сыһыаннаах дьон эбит. Туйаара Петровна оҕуруоту үүннэриигэ сүүрбэччэ сыл уопуттаах. 206 үөрэнээччилээх оскуола агро-хайысхалаах. Арассааданы, оҕуруот аһын хото үүннэрэллэр, атыылыыллар, сүөһү иитэллэр. Сүрүн үлэлэрин таһынан, оҕолору кытта араас эспэримиэннэри оҥороллор. Олортон биирдэстэрэ – витграсс. Витграсс – сэлиэһинэй араскытыттан сибиэһэйдии ыгыллыбыт утах. Амма саһарчы буспут көмүс туорахтааҕынан аатырыан аатырар. Бурдук үрдүгэр олорор дьон холонон көрүөххэ диэн ылсыбыттар.
“Эбиэс уонна сэлиэһинэй олордон көрбүппүт түөрт сыл буолла. Эбиэһи биһирээтибит уонна дэлэй даҕаны, сэлиэһинэй түргэнник үүнэр эрээри, амтана хабархай соҕус. Түөрт сыл устата оскуолабыт үөрэнээччитэ Нарыйаана көмөлөһөр. Маҥнай утах оҥорбуппут, кэлин сатабылбытын тупсаран, бороһуоктуур буоллубут. Арассаадаттан арыый иллэҥ кэммитигэр кыһын дьарыктанабыт”, – диэн Туйаара Петровна кэпсээтэ.
Хайдах оҥоһуллар?
Оскуолаларыгар туспа агро-хос көрөн, эбиэс, сэлиэһинэй араскытын онно үүннэрэн саҕалаабыттар. “Маҥнай буорга олордон көрбүппүт, ол эрээри, түүнүгүрэр этэ. Доруобай утах кэлиэ суох диэн, анныгар калька кумааҕыны тэлгээн олордон көрбүппүт да, сөбүлээбэтэхпит. Салгыы бэйэтинэн үүннэрбиппит дьэ, сатаммыта. Билигин бэйэтинэн үүннэрэбит, түүнүгүрбэт, сыттаммат, аһыйбат.
Бастаан эбиэс, сэлиэһинэй туорааҕын ууга сытыаран бөскөтөбүт. Онтон сарсыныгар уот холбоон мотуоктарга кутан силис тартара уурабыт. Икки-үс хонугунан быгар, уонча хонугунан номнуо уонча сантиметр буолбутун кэннэ кырыйабыт.
Бэйэтинэн олус хойуу буолар, ол иһин уу эбэн соковыжималкаҕа уган эрийтэрэбит. Холобур, үс гыммыт биирэ эбиэс күөх уута, онтон ордуга ыраас уу. Соковыжималкаҕа эрийтэрбит кэннэ олус аҕыйах уу тахсар. Ортоҕуна кыра иһиттэргэ кутан тоҥортуур этибит. Ол гынан баран, тоҥмут сэлиэһинэй, эбиэс уута аҕыйах күн турара, уһуннук туттахха, сөҥүүлэнэрэ.
Быйыл кыһыҥҥыттан, интэриниэттэн көрөн, бороһуоктаан эрэбит. Эбиэс үнүгэһин быһан куурдар тэрилгэ 5-7 чаас уган хатарабыт. Кофемолкаҕа кутан бытарытабыт. Мантан бурдук курдук күп-күөх бороһуок буолан тахсар. Икки иһиккэ кутан эмиэ эспэримиэннээн көрбүппүт. Биирин холодильникка укпуппут, иккиһин – дьиэтээҕи температураҕа (ыскаапка). Ньуосканан баһан ылан ууга суурайдахха, олус үчүгэйдик булкуллар”, – диэн 9-с кылаас үөрэнээччитэ, номнуо төрдүс сылын дьарыктанар Нарыйаана Борисова кэпсиир.
Туох туһалааҕый?
Микрозелень киһиэхэ олус туһалааҕын билэн, кэлин Саха сиригэр оннооҕор эрэстэрээннэргэ ас үрдүгэр кутан, киэргэл да быһыытынан ууран биэрэллэр. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан аан маҥнайгынан дьарыктанан саҕалаабыт бөтүҥнэр витграсс туһатын номнуо билбиттэр.
“Анемиялаах, улахан ыйааһыннаах дьоҥҥо уонна спортсменнарга көмөлөөх, иммунитеты бөҕөргөтөр, хааны убатар. Биһиги аттыбытыгар баар “Күөх ыллык” реабилитационнай киин үлэһитэ, оскуола икки учуутала тиһигин быспакка ылан испиттэрэ, биһирээбиттэрин биллэрбиттэрэ, чэпчээбит курдук буолбуттарын бэлиэтээбиттэрэ. Сүмэһинин ыган, ууга суурайаат, тута сибиэһэйдии илдьэн биэрэр этим.
Дьарыктанар киһи бэйэм испэтим хайдах да табыллыбат. Маны иһэр буолуохпуттан баттаҕым үчүгэйдик үүнэр, хойунна, анемиям сүттэ”, – диэн Нарыйаана тус уопутуттан үллэстэр.
Ахсынньыга үүнээйи утуйар буолан, үүнэрэ бытаарарын иһин, ити кэмҥэ тохтотоллор эбит. Кыһын устата 1-1,5 куул эбиэһи олордоллор. Балачча элбэх эбээт. Оскуола оҕолоро иһэллэрэ, муннуларын анныгар баар битэмиини төһө туһаналлара буолла диэн эрдэттэн сэҥээрэр ыйытыыбын биэрбиппэр: “Оҕолор бу төһө туһалааҕын ситэ өйдүү иликтэр. От амтаннаах, ону сөбүлээбэттэр. Минньигэс утахтары кытта булкуйан иһиэххэ сөп”, – диэн Нарыйаана быһаарар.
Оҕолор витграһынан маҥнай үһүө буолан дьарыктаммыт эбит буоллахтарына, билигин Нарыйаана салайааччыларын кытта соҕотоҕун көрөр-истэр, үөрэтэр. Бу тиэмэтинэн Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэригэр, куонкурустарыгар кыттан бастаабыт, миэстэлэспит.
Атыылыахпытын сөп
Туһалааҕа билиннэ даҕаны, дьон ыйыталаспытынан барааччы. “Бөтүҥ витграһа” утах ирдэбилгэ сөп түбэһэн оҥоһуллубутун туһунан Саха сиринээҕи лабаратыарыйа сэртипикээтин ылбыттар. Бөтүҥ оскуолатын дириэктэрэ Акулина Иванова иһитиннэрбитинэн, “Старт в космос” бырайыакка киирэн сөбүлэҥ түһэрсибиттэр. Салгыы Москваҕа лабаратыарыйаҕа ыытыахтаахтар эбит.
“Саха оту сиэбэт” дииллэр да, олохпут уларыйан, көрүүбүт кэҥээн, чинчийиибит дириҥээн олохтон туһалааҕын сомсон ыларга кыһанабыт. Ити этиибин бу биир Амма улууһун Бөтүҥ оскуолатын холобура дьэҥкэтик туоһулуур. “Элбэҕи оҥорбоппут, бороһуок быһыытынан атыылыахпытын сөп. Биһиги сүрүн сорукпут – эбиэс, сэлиэһинэй араскытыттан бэлэмнэммит утах (витграсс) туһатын дьон билэрэ, бэйэтэ үүннэрэн туһанара, доруобуйатын тупсарынара суолталаах”, – диэн Нарыйаана кэпсээнин түмүктүүр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: