Витграсс утах: “Саха оту сиэбэт” дииллэр да…

Share

Оҕо сылдьан, бука, бары даҕаны тэлгэһэ отун биирдэ эмэ амсайан көрдөххүт буолуо. Быйыл кыһын Амма улууһугар бара сырыттахпына, Бөтүҥ оскуолатын үлэһиттэрэ оол, хаһааҥҥыта эрэ умнулла быһыытыйбыт оҕо сааспар эргитэн илдьибиттэрэ. Биирдэ туттуллар чааскы түгэҕин сабар-саппат гына кутан, тэлгэһэ отуттан уратыта суох амтаннаах, чээлэй күөх дьүһүннээх утаҕы амсаппыттара. Итиэннэ киһиэхэ бэрт туһалааҕын, эмтээҕин, битэмииннээҕин кэпсээбиттэрэ.

“Туохтан саҕаламмытай?” диэ 

Эбиэс, сэлиэһинэй араскытын үүннэриинэн, улуус оччотооҕу баһылыга Н.А. Архипов идиэйэтинэн, Амма улууһун Бөтүҥ оскуолатыгар нуучча тылын учуутала Айталина Егорова салалтатынан дьарык­танан саҕалаабыт, билигин кини билим чааһын сала­йар. Күн бүгүн быраактыка өттүн технология учуутала Туйаара Самсонова сүрүннүүр. Кэпсэтэн билбитим – үүнээйигэ сыһыаннаах дьон эбит. Туйаара Петровна оҕуруоту үүннэриигэ сүүрбэччэ сыл уопуттаах. 206 үөрэнээччилээх оскуола агро-хайысхалаах. Арассааданы, оҕу­руот аһын хото үүннэрэллэр, атыылыыллар, сүөһү иитэллэр. Сүрүн үлэлэрин таһынан, оҕолору кытта араас эспэримиэннэри оҥороллор. Олортон биирдэстэрэ – витграсс. Витграсс – сэлиэһинэй араскытыттан сибиэһэйдии ыгыллыбыт утах. Амма саһарчы буспут көмүс туорахтааҕынан аатырыан аатырар. Бурдук үрдүгэр олорор дьон холонон көрүөххэ диэн ылсыбыттар.

“Эбиэс уонна сэлиэһинэй олордон көрбүппүт түөрт сыл буолла. Эбиэһи биһирээтибит уонна дэлэй даҕаны, сэлиэ­һинэй түргэнник үүнэр эрээри, амтана хабархай соҕус. Түөрт сыл устата оскуолабыт үөрэнээччитэ Нарыйаана көмөлөһөр. Маҥнай утах оҥорбуппут, кэлин сатабылбытын тупсаран, бороһуоктуур буоллубут. Арассаадаттан арыый иллэҥ кэммитигэр кыһын дьарыктанабыт”, – диэн Туйаара Петровна кэпсээтэ.

Хаартыскалары Т.П.Самсонова тиксэрдэ.
Хайдах оҥоһуллар?

Оскуолаларыгар туспа агро-хос көрөн, эбиэс, сэлиэ­һинэй араскытын онно үүннэрэн саҕалаабыттар. “Маҥнай буорга олордон көрбүппүт, ол эрээри, түүнүгүрэр этэ. Доруобай утах кэлиэ суох диэн, анныгар калька кумааҕыны тэлгээн олордон көрбүппүт да, сөбүлээбэтэхпит. Салгыы бэйэтинэн үүннэрбиппит дьэ, сатаммыта.  Билигин бэйэтинэн үүннэрэбит, түүнүгүрбэт, сыттаммат, аһыйбат.

Бастаан эбиэс, сэлиэһинэй туорааҕын ууга сытыаран бөскөтөбүт. Онтон сарсыныгар уот холбоон мотуоктарга кутан силис тартара уурабыт. Икки-үс хонугунан быгар, уонча хонугунан номнуо уонча сантиметр буолбутун кэннэ кырыйабыт.

Бэйэтинэн олус хойуу буолар, ол иһин уу эбэн соковыжималкаҕа уган эрийтэрэбит. Холобур, үс гыммыт биирэ эбиэс күөх уута, онтон ордуга ыраас уу.  Соковыжималкаҕа эрийтэрбит кэннэ олус аҕыйах уу тахсар. Ортоҕуна кыра иһиттэргэ кутан тоҥортуур этибит. Ол гынан баран, тоҥмут сэлиэһинэй, эбиэс уута аҕыйах күн турара, уһуннук туттахха, сөҥүүлэнэрэ.

Быйыл кыһыҥҥыттан, интэриниэттэн көрөн, бороһуок­таан эрэбит. Эбиэс үнүгэһин быһан куурдар тэрилгэ 5-7 чаас уган хатарабыт. Кофемолкаҕа кутан бытарытабыт. Мантан бурдук курдук күп-күөх бороһуок буолан тахсар. Икки иһиккэ кутан эмиэ эспэримиэннээн көрбүппүт. Биирин холодильникка укпуппут, иккиһин – дьиэтээҕи температураҕа (ыскаапка). Ньуосканан баһан ылан ууга суурайдахха, олус үчүгэйдик булкуллар”, – диэн 9-с кы­­лаас үөрэнээччитэ, номнуо төрдүс сылын дьарыктанар Нарыйаана Борисова кэпсиир.

Туох туһалааҕый?

Микрозелень киһиэхэ олус туһалааҕын билэн, кэлин Саха сиригэр оннооҕор эрэстэрээннэргэ ас үрдүгэр кутан, киэргэл да быһыытынан ууран биэрэллэр. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан аан маҥнайгынан дьарыктанан саҕалаабыт бөтүҥнэр  витграсс туһатын номнуо билбиттэр.

“Анемиялаах, улахан ыйаа­һыннаах дьоҥҥо уонна спортсменнарга көмөлөөх, иммунитеты бөҕөргөтөр, хааны убатар. Биһиги аттыбытыгар баар “Күөх ыллык” реабилитационнай киин үлэһитэ, оскуола икки учуутала тиһигин быспакка ылан испиттэрэ, биһирээбиттэрин биллэрбиттэрэ, чэпчээбит курдук буолбуттарын бэлиэ­тээбиттэрэ. Сүмэһинин ыган, ууга суурайаат, тута сибиэһэйдии илдьэн биэрэр этим.

Дьарыктанар киһи бэйэм испэтим хайдах да табыллыбат. Маны иһэр буолуохпуттан баттаҕым үчүгэйдик үүнэр, хо­­йунна, анемиям сүттэ”, – диэн Нарыйаана тус уопутуттан үл­­лэстэр.

Ахсынньыга үүнээйи уту­йар буолан, үүнэрэ бытаарарын иһин, ити кэмҥэ тохтотоллор эбит. Кыһын устата 1-1,5 куул эбиэһи олордоллор. Балачча элбэх эбээт. Оскуола оҕолоро иһэллэрэ, муннуларын анныгар баар битэмиини төһө туһаналлара буолла диэн эрдэттэн сэҥээрэр ыйытыыбын биэрбиппэр: “Оҕолор бу төһө туһалааҕын ситэ өйдүү иликтэр. От амтаннаах, ону сөбүлээбэттэр. Минньигэс утахтары кытта булкуйан иһиэххэ сөп”, – диэн Нарыйаана быһаарар.

Оҕолор витграһынан маҥнай үһүө буолан дьарыктаммыт эбит буоллахтарына, билигин Нарыйаана сала­йааччыларын кытта соҕотоҕун көрөр-истэр, үөрэтэр. Бу тиэмэтинэн Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэригэр, куонкурустарыгар кыттан бастаабыт, миэстэлэспит.

Атыылыахпытын сөп

Туһалааҕа билиннэ даҕаны, дьон ыйыталаспытынан барааччы. “Бөтүҥ витграһа” утах ирдэбилгэ сөп түбэһэн оҥоһуллубутун туһунан Саха сиринээҕи лабаратыарыйа сэртипикээтин ылбыттар. Бөтүҥ оскуолатын ди­­риэктэрэ Акулина Иванова иһитиннэрбитинэн, “Старт в космос” бырайыакка киирэн сөбүлэҥ түһэрсибиттэр. Салгыы Москваҕа лабаратыарыйаҕа ыытыахтаахтар эбит.

“Саха оту сиэбэт” дииллэр да, олохпут уларыйан, көрүүбүт кэҥээн, чинчийиибит дириҥээн олохтон туһалааҕын сомсон ыларга кыһанабыт. Ити этиибин бу биир Амма улууһун Бөтүҥ оскуолатын холобура дьэҥкэтик туоһулуур. “Элбэҕи оҥорбоппут, бороһуок быһыытынан атыылыахпытын сөп. Биһиги сүрүн сорукпут – эбиэс, сэлиэһинэй араскытыттан бэлэмнэммит утах (витграсс) туһатын дьон билэрэ, бэйэтэ үүннэрэн туһанара, доруобу­йатын тупсарынара суолта­лаах”, – диэн Нарыйаана кэпсээ­нин түмүктүүр.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бэчээттэннэ

Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бу сыл олунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр. Дьаһалга…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

«122» Доруобуйа харыстабылын кэлим контакт-киинэ мэдисиинэ көмөтүн ылыыны чэпчэтэр

“122” Доруобуйа харыстабылын кэлим контакт-киинигэр 24 эпэрээтэр үлэлиир, кинилэр мэдисиинэ тэрилтэлэрин үлэлиир чаастарыгар сөп түбэһэн…

22 минуты ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

#ПозывнойКультура: Эрхаан байыаннай дьайыы зонатыгар кэнсиэртээтэ

Ю.Е. Платонов аатынан судаарыстыбаннай эстрада тыйаатырын артыыһа, биллэр артыыс Аркадий Николаев - Эрхаан  бу күннэргэ…

23 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сыыппара уонна киһи

Киһи дьылҕатыгар чыыһыла сабыдыалын үөрэтэр билим салаата нумерология диэн ааттанар. Нумерология былыр-былыргыттан баара биллэр. Улуу…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев «Якутия, вперёд!» биэриигэ тохсунньу ый түмүгүн таһаарыа

Бүгүн, тохсунньу 30 күнүгэр,  «Якутия 24», «Саха» НКИХ телеханаалларынан уонна «Тэтим» араадьыйанан «Якутия, вперёд!» биэрии…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Булуҥҥа буурҕа тохтуу илик

Бүгүн, тохсунньу 30 күнүгэр, Булуҥ улууһугар буурҕа өссө да тохтуу илик. Хомунаалынай тэрилтэ хочуолунайдара дьиэлэри,…

52 минуты ago