Витим аннынан бу сарсыарда муус уһунна

Share

Өлүөнэ өрүскэ муус сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ иһинэн Ленскэй оройуонунан уонна Иркутскай уобалас Киренскэй уобалаһынан устар: муус алын кирбиитэ Ленскэй оройуонун Витим бөһүөлэгин аннынан устара бэлиэтэнэр, уу таһыма 539 см (кутталлаах таһыма — 950 см).

Муус хойуутук устар. Чуолкайдыыр буоллахха, муус  Витим бөһүөлэгин аннынан бу сарсыарда 4 ч. устубута. Муус алын кирбиитэ Визирнэй бөһүөлэгин аннынан устар (Саха сирин кыраныыссатыттан 121 км). Суукка иһигэр муус 121 км уһунна.

Өрөспүүбүлүкэ иһигэр Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар муус көтөҕүллэн турар, суукка иһигэр уу 0,3-1,8 м үрдээбит.

Алдан өрүскэ уонна кини салааларыгар уу суукка иһигэр 20-ттэн 60 см диэри тэтимнээхиик үрдүүр, муус көтөҕүллүбүт.

Амма өрүскэ муус Амма уонна Алдан өрүстэринэн устара бэлиэтэнэр. Муус алын кирбиитэ Чурапчы улууһун Мындаҕаайы сэлиэнньэтин аннынан бэлиэтэнэр, муус хойуутук устар, уу таһыма 858 см, суукка иһигэр 215 см эбилиннэ. Муус үөһээ кирбиитэ Амма улууһун Өнньүөс сэлиэнньэтиттэн үөһэ 60 км сиргэ бэлиэтэнэр. Суукка иһигэр муус 70 км уһунна.

Бүлүү өрүскэ уонна кини салааларыгар уу сууккаҕа 20-н 60 см диэри тэтимнээхтик тахсар, хамсааһын бэлиэтэнэр. Ньурба куоратын аннынан ырбыылаабыт.

Яна, Индигиркэ уонна Халыма өрүстэригэр кыһыҥҥылыы турар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

8 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago