Витус Беринг суолунан эспэдииссийэ айана түмүктэннэ
«Пути великих свершений» бырайыак чэрчитинэн тэриллибит эспэдииссийэ Витус Беринг суолунан айанын Дьокуускай куораттан саҕалаан Хабаровскай кыраай Охотскайыгар тиийэн түмүктээтэ.
Эспэдииссийэ састаабыгар Арассыыйатааҕы ЫБММ сулууспатын, Нуучча географическай уопсастыбатын исписэлиистэрэ, СӨ Ил Дарханын, Бырабыыталыстыбатын дьаһалталарыттан бэрэстэбиитэллэр уонна «Хоту Тент» үлэһиттэрэ киирбиттэрэ. Ону кытта эспэдииссийэ састаабыгар Ил Түмэн вице-спикерэ Афанасий Владимиров сырытта. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.
Афанасий Владимиров иһитиннэрбитинэн, эспэдииссийэ кыттыылаахтара Охотскай муора кытылыгар тиийэннэр, туруоруллубут соруктарын уонна сыалларын ситистилэр.
«1250-тэн км тахса уһуннаах сири айаннаан, муус устар 1 күнүгэр эспэдииссийэ хамаандата Витус Беринг суолунан «Дьокуускай-Охотскай» маршрутун түмүктээтэ», — диэтэ Афанасий Владимиров. Айан-сырыы кэмигэр «Код Беринга» документальнай киинэ уһулунна.
Охотскай уокурук дьаһалтатыгар эспэдииссийэ хамаандата уонна нэһилиэк баһылыга Иван Мартынов олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүтэ ыытылынна. Ону кытта былаан быһыытынан, түмэл үлэһиттэрин кытта «Пути великих свершений» бырайыагынан көрсүһүү тэрилиннэ.
Санаттахха, эспэдииссийэ састаабыгар 12 киһи киирбитэ. Бырайыак салайааччыта – Ил Дархан сүбэһитэ Георгий Никонов. Хамаандаҕа Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Владимиров, «Хоту- тент» генеральнай дириэктэрэ Афанасий Махатыров, краевед уонна оператор Владимир Попов, суруналыыс, фотограф Утум Захаров, Саха сирин ЫБММ үлэһиттэрэ Валерий Комаров, Игорь Любинец, Ярослав Малюшин, Николай Брундуков, «Бурлак» вездеход суоппара Яков Мостовщиков уонна сирдьитинэн Алексей Слепцов сырыттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: