«Витус Беринг суолунан» эспэдииссийэ түмүктэрин иһитиннэрдилэр
Бүгүн, муус устар 10 күнүгэр, “Улуу Арыйыылар аартыктарынан” («По пути Великих свершений») бырайыак чэрчитинэн Нуучча Географиятын уопсастыбатын (РГО) Саха сиринээҕи салаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Хабаровскай кыраай Бырабыыталыстыбалара, СӨ Ил Түмэнэ, Арассыыйа Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспата, о.д.а. тэрилтэлэр өйөбүллэринэн тэриллибит «Витус Беринг суолунан» диэн ааттаммыт эспэдииссийэ пресс-кэмпириэнсийэ тэрийэн айаннарын түмүктэрин кэпсээтилэр.
Кылгастык эттэххэ, бу эспэдииссийэ кулун тутар 25 күнүгэр, XVIII үйэ бастакы саҕатыгар Арассыыйа уунан устан соҕуруу, илин хайысхаларынан сирин-уотун тэнитиитигэр улахан оруоллаах айанньыт Витус Беринг аатын ааттаан, Дьокуускайтан кини суолунан 12 киһилээх бөлөх айаҥҥа туруммута.
Айанньыттар, 2,5 тыһыынча кэриҥэ килэмиэтир сири тэлэн, муус устар 1 күнүгэр сырыыларын тиһэх пуунугар, Хабаровскай кыраай Охотскай бөһүөлэгэр үктэммиттэрэ. Оттон муус устар 7 күнүгэр, ситиһиилээхтик Дьокуускайга эргиллэн кэлбиттэр.
Бу айан туһунан сиһилии бу сигэниигэ киирэн көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: