Үгүс дьон РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин инаугурациятын кэмигэр дойдутунан киэн туттуута, инникигэ эрэлэ күүһүрбүтүн бэлиэтиир.
Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын култуураҕа управлениетын салайааччыта, Өймөкөөн улууһугар быыбар саҕана Владимир Путины өйүүр ыстаап салайааччыта Аксинья Сивцева суолталаах тэрээһин туһунан санаатын үллэһиннэ:
— РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дуоһунаһыгар киирэр кэмигэр дириҥ ис хоһоонноох этиини оҥордо. Мин дойду Аҕа баһылыга Арассыыйа норуоттара биир сомоҕо буолалларыгар ыҥырыытын биһирии ылынным. “Төрөөбүт дойдубут дьылҕатын бэйэбит быһаарар кыахтаахпыт. Сомоҕолоһуу — сүдү күүс, онон Арассыыйа инники дьылҕатын бэйэбит эрэ быһаарар кыахтаахпыт», — диэн Владимир Владимирович бэлиэтээбитэ миигин ордук долгутта. Өймөкөөн улууһа – элбэх араас омук дьоно биир дьиэ кэргэн курдук сомоҕолоһон олорор оройуонунан буолар. Ол да иһин биһиги, Тымныы полюһун олохтоохторо, быйыл кулун тутар ыйга Российскай Федерация Бэрэсидьиэнин быыбарыгар бэлэмнэнии саҕана анаан бииргэ түмсэн үлэлээбиппит. Улууспутугар бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбатын уонна туризм салаалара биир тэҥник кэскиллээхтик сайдаллар. Норуот хаһаайыстыбатын бары эйгэтиттэн, улууспут хас биирдии нэһилиэктэриттэн Владимир Путин кандидатуратын өйүүр араас видеоматырыйааллар оҥоһуллан тарҕатыллыбыттара да, улууска олорор араас омук дьоно сомоҕолоһуубут күүстээҕин туоһулуур. Биһиги көхтөөх дьоммут – Уус-Ньара кыахтаах урбаанньыта Владимир Горон, Өймөкөөн нэһилиэгиттэн аан дойду туристарын кытта үлэлэһэр Тамара Васильева, Төрүт нэһилиэгиттэн суруйааччы Афанасий Гермогенов, Пантелеймон Тулааһынап аатынан Култуура дьиэтин дириэктэрэ Надежда Босикова ситиһиилээх үлэлэрин иһин Ил Дархан Айсен Николаевтан Махтал суруктары туппуттара.
Арассыыйа дьоно көхтөөхтүк быыбарга кыттан, Владимир Путин дойду кыахтаах Аҕа баһылыга буоларын бигэргэппиттэрэ. Ханнык баҕарар уустук соруктары биһиги бэрэсидьиэммит сөптөөхтүк быһаарарыгар эрэллээхпит.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…