Владимир Чичигинаров: «Мобилизацияламмыт дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр болҕомто, өйөбүл, көмө өссө ордук күүһүрүө»

Share

Арассыыйа-Украина сыһыаннарыгар уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ биир дойдулаахтарбыт, уопсастыбанньыктарбыт биир санаанан салайтаран, түмсүөҕүҥ дииллэр. 

Владимир Чичигинаров, Ил Түмэн дьокутаата:

— Донецкайга уонна Луганскайга Украина аҕыс сыл тухары итиннэ олохтоох нэһилиэнньэни сэриилии олорбута. Украинаҕа АХШ, НАТО сэриилэрин сэптэрин киллэрэннэр, Арассыыйаҕа кутталы үөскэппиттэрэ. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин маннык быһыыга-майгыга саамай сөптөөх быһаарыныыны ылыммытын өйөөн, бука бары сомоҕолоһон, күүспүтүн түмэн, туох кыалларына,  көмөнү ыыта, тэрийэ сылдьабыт.
СӨ Ил Түмэнигэр быстах хомуурга барбыт дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр өйөбүл дьаһалларын туһунан “төгүрүк остуолу” ыыппыппыт. Онно быстах хомуурунан барбыт уолаттар ийэлэрэ, улуустар баһылыктара, улуус мунньахтарын дьокутааттара уо.д.а. кыттаннар, элбэх боппуруостары, ол иһигэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барбыт уолаттар доруобуйаларын чөлүгэр түһэрии, эмтэнии боппуруостарын көтөхпүттэрэ уонна туһааннаах хоруйдары ылбыттара.
Онно сүрүн боппуруоһунан быстах хомуурга барбыт дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл дьаһалларын туһунан СӨ Ил Дарханын Ыйааҕын дьүүллэстибит. Бу дьаһаллары олоххо киллэрэр сыалтан туох баар ити көтөҕүллүбүт сүрүн боппуруостары барытын учуоттаан туран, кэлэр сыллааҕы бүддьүөттэн үбүлээһиҥҥэ көрөр сөптөөх диэн кэпсэтии барбыта итиэннэ оннук дьаһаллары ылынарыгар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар аадырыстаан ыыттыбыт. Онон мобилизацияламмыт дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр болҕомто, өйөбүл, көмө өссө ордук күүһүрүө.
Саха сириттэн хомуллан барбыт уолаттарбытын бары өйүүбүт, туруоруллубут сыал-сорук туолуо диэн эрэллээхпит!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago