«Нюргуна Афанасьевнаҕа олус эппиэтинэстээх үлэлээх министиэристибэҕэ бары кыаҕын, баай уопутун туһанан үлэлииригэр эрэнэн туран, ситиһиилэри баҕарабын», — диэн бэлиэтээтэ Владимир Егоров.
Нюргуна Соколова 2019-2020 сылларга СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистири солбуйааччынан үлэлээбитэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ каадырдары бэлэмниир «Якутия, вперед!» куонкуруска кыайыылааҕынан тахсыбыта. Нюргуна Соколова кандидатурата РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтигэр бигэргэтиигэ барда.
Бу иннинэ үөрэх уонна наука миниистиэристибэтин Ирина Любимова салайбыта.