Владимир Ларионов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар
Бүгүн, Судаарыстыбаннас күнүгэр, Дьокуускайга Владимир Ларионов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриотическай иитиигэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов, Саха сирин Наукаларын академиятын Бэрэсидьиэнэ Леонид Владимиров академик Ларионов Саха сирин сайдыытыгар уһулуччу оруолун, үтүөлэрин ахтан туран, тэрээһиҥҥэ мустубут дьону Судаарыстыбаннас күнүнэн эҕэрдэлээтилэр.
Владимир Петрович РНА Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы научнай киинин төрүттэспит, тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ. 300-тэн тахса научнай бэчээттэнии, 17 монография ааптара. Кини салайыытынан 10 докторскай, 30 кандидатскай диссертация көмүскэммитэ. Владимир Ларионов көҕүлээһининэн 1970 сыллаахха тэхиньиичэскэй хайысхалаах аан маҥнайгы хотугу научнай-чинчийэр институт тэриллибитэ. Ол физико-тэхиньиичэскэй институт баазатыгар кэнники Хотугу хайа дьыалатын института, Тимирдэргэ киирсибэт матырыйааллар (Институт неметаллических материалов) институттара, Ньиэп уонна гаас института тэриллибитэ. Ларионов 80-с сылларга тэрийбит намыһах температураны тулуйар матырыйааллары оҥорор научнай оскуолата билигин даҕаны хоту эргимтэҕэ биир бастыҥынан ааҕыллар. Кини көҕүлээһининэн, араас РФ, АХШ, Германия, Канада, Кытай, Дьоппуон, Кэриэйэ, Чехия, Словакия дойдулар үрдүк үөрэхтэрин кытары ыкса сибээс олохтоммута. Ларионов чинчийиилэрэ Уралмаш, Белаз, Крастяжмаш, Ижорскай курдук улахан массыына тутуутун собуоттарыгар туттуллубуттара. Ону таһынан, АЛРОСА, «Саханефтегаз», «Якутзолото», «Якутуголь» курдук өрөспүүбүлүкэ улахан тэрилтэлэрэ учуонай инженернай көрүүлэрин туһаналлар.
Владимир Ларионов 1938 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тыыллыма нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1956 сыллаахха Майа орто оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн, 1962 сыллаахха Н.Э. Бауман аатынан Москубатааҕы үрдүкү тиэхиниичэскэй училищены кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ. 1967 сыллаахха кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ. 1970 сыллаахха тиэхиниичэскэй хайысхалаах научнай-чинчийэр академическай институт, Хотугу сир физико-техническэй проблемаларыгар Институт тэриллибитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: