Салгыы
Владимир Михайлов: «Владимир Путиҥҥа туруорсууларым олоххо киирдилэр»

Владимир Михайлов: «Владимир Путиҥҥа туруорсууларым олоххо киирдилэр»

Ааптар:
01.01.2023, 16:00
Бөлөххө киир:

РФ Үлэ Дьо­руойа, СӨ тыатын хаһаа­йыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот Знага”, “Үлэ албан аата” 1, 2, 3 истиэпэннээх, “Хотугу сулус” уордьаннар­даах, Сунтаар улууһун “Кириэстээх” кэпэрэтиип ыанньыксыта Владимир Африканович Михайлов 2022 сыл хайдах ааспытын туһунан санаатын үллэһиннэ:

– 2022 сыл мин олохпор үтүө түгэни бэлэхтээтэ. 100 сааһын ааһан баран бу Орто дойдуттан бараахтаабыт эбэм барахсан: “Москубаҕа хаста даҕаны барыаҥ”, – диэн алҕаа­быта туолла. Арассыыйа Үлэ Дьоруойа буол­лум. Онон, биллэн турар, санаам олус өрө көтөҕүллэн сылдьабын. Бииргэ үлэлиир дьонум эмиэ бары туруоруммут сорукпутун толорорго дьулустубут.

Ол курдук, оттооһун, сиилэһи угуу, үүтү ыаһын былаанын сүүс бырыһыан толорбуппут. Быйылгы кыстык­ка “Кириэстээх” кэпэрэтиип 400 сүөһүнү көрөн-истэн олоро­бут. Итинтэн 200-һэ ыанар ынах буоллаҕына, 200-һэ – төрүөхтээх бургунастар. Төрөөбүт ынахтарбыттан 20-тэн тахсалыы киилэни ыы олоробун, онон үрүҥ илгэ үрүлүйэр. Хамнаспыт быстыбакка кэлэ турар, ол эмиэ үчүгэй. Москубаҕа Дьоруой аатын ыла сылдьан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа дойдубар Култуура дьиэтин уонна саҥа хотону туттарыыны туруорсубутум.

Онон бу 2023 сылга кулун тутар ыйга Култуура дыбарыаһын акылаата түһүөхтээх. Үлэлиир хаһаайыстыбабар – “Кириэстээх” ТХПК-ҕа саҥа комплекс тутуллуохтаах. Билигин үлэлии олорор хотоммут 1986 с. тутуу. Комплекспыт тутуута аны күһүҥҥүттэн саҕаланыаҕа дииллэр. Туруорсууларым этэҥҥэ олоххо киирэл­лэригэр олус баҕарабын. Дьиэ кэргэммэр эмиэ барыта этэҥҥэ. Кэргэним үлэ бөҕө, миэхэ эмиэ көмөлөһөр. Кыыспыт бэһискэ туйгуннук үөрэнэр.

2023 сылы Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Үлэ сылынан биллэрдэ. Онон бука бары үлэбит таһаарыы­лаах буоллун, үлэ киһитэ куруук чиэскэ-бочуок­ка сырыттын!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: