Владимир Николаев: “Десантник” парашютнай кулууп 35 сылын туолла
Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү орто оскуолатыгар үөрэнээччилэр парашютнай спордунан дьарыктаммыттара быйыл 35 сылын туолла. Бу ыраах тыа оскуолатыгар үлэлиир парашютнай кулууп хаһан, хайдах арыллыбытын туһунан сиһилии кэпсииригэр кулуубу төрүттээччи, СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн”, “Россия патриота” бэлиэ хаһаайына Владимир Николаевич Николаевтан ыйыталастыбыт.
-Владимир Николаевич, хантан төрүүттээххиний, оҕо сааһыҥ ханна ааспытай?
-Мин Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Николай Сергеевич Николаев уонна Ульяна Павловна Семенова дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕонон төрөөбүтүм. 3 саастаахпар ийэм ыалдьан олохтон туораабыта. Балтылаахпын, оччолорго аҕыйах ыйдаах кыыс хаалбыта. Аҕабытын батыһан Кырыкыйга олохсуйбуппут. Чапаевка (II-с Боотулууга) оскуолаҕа үөрэммитим. Онон оҕо сааһым Чапаевка ааспыта. Арыый улаатан баран Кырыкыйга үөрэммитим. Кыра сылдьан маһынан сөмөлүөт оҥостор дьикти идэлээх этим. Оччолорго фанера отой суох этэ. Маҕаһыыҥҥа табаар дьааһыга кэлэрэ, онон оҥостор этим. Күнү быһа ону бэрэлээн тахсарым. Ол сылдьан летчик буолар баҕа санаалаах улааппытым. Ол эрээри доруобуйам кыайбат буолан, баҕарар үөрэхпэр туттарсыбат буолбутум.
— Хаһааҥҥыттан парашют спордунан дьарыктанан саҕалаабыккыный?
— Армияҕа баран сулууспалаан кэлбитим. Оччолорго Саха сиригэр парашютнай спорт улаханнык сайдыбакка турар кэмэ этэ. Мин Нам оройуонугар училищеҕа үөрэнэн уруһуй, черчение, үлэ уруогун учууталын идэтин ыламмын, Дүллүкүгэ үлэлии кэлбитим. Ол сырыттахпына военкоматтар ыҥыран ылан: ”Эн офицер званиелаах эбиккин, онон оскуолаҕар военруктаа”, — диэбиттэрэ. Онон, 1978 сылтан военругунан үлэбин саҕалаан барбытым.
1985 сылтан Дьокуускайга парашютунан ыстаныылар саҕаланан, спортсменнары бэлэмнээн киирэн барбыттара. Ону истэн, мин Үөһээ Бүлүүтээҕи лесоохрана начаалынньыга Чиркунов Василий Николаевиһы кытта кэпсэтэн, парашюттары булан, уларсан, сайын манна оҕолору дьарыктаан барбытым. Онтон биир сыл буолан баран, Дьокуускайга ДОСААФ-ка АСК начаалынньыга Мишуров Борис Петровичтыын көрсөн, “парашют кулуубун тэрийэрбэр көмөлөһүөххүт дуо” диэн ыйыталастым. Төһө ыраах олорорбутун ыйытта, картаҕа көрөн баран: “Оо, олох ыраах олорор эбиккит!” — диэтэ. Онтон кыһын эмиэ киниэхэ тиийдим, эмиэ соччо сэҥээрбэтилэр. Бу кэмҥэ оскуолабар парашютунан ыстаныан баҕалаах 50-ча оҕо суруттарда. Мас вышка оҥороммун ыстаннарбытым, парашют макеттарын оҥорбуппут. Саас эмиэ куоракка бардым, анал бэлэмнэниини аастым уонна общественнай инструктор диэн дастабырыанньа ыллым. “Оҕолору бэлэмнээ, онтон көрүөхпүт”, — диэтилэр. Бэлэмнэннибит, оҕолорбут сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар тарҕастылар. Арай биир күн Үөһээ Бүлүүтээҕи ДОСААФ бэрэссэдээтэлэ Котоконов Василий Капитонович: “Хас оҕолооххунуй? ДОСААФ-тар эйигин, оҕолоргун ыла кэлэллэр”,- диэтэ. Онно ким оттуу сылдьар, ким атын сиргэ сынньана барбыт кэмэ. Онон Дүллүкүттэн Александрова Раяны, Егоров Викторы, Чоросов Эдуарды мустубут, аны Хомустаахтан Лаврентьев Филипп кэллэ, Кырыкыйтан үөрэнэр Анисимов Харалампийы, Харлампьев Гошаны ыҥырдыбыт. Сөмөлүөттэн ыстаныы, барыы-кэлии төлөбүрэ ыарахан этэ. Оройуоҥҥа киирдибит, АН-2 сөмөлүөт кэлэн түстэ, аҕыйахпытын көрөн мыыннылар. Сөмөлүөккэ олорон көттүбүт, Покровскай Нөмүгүтүгэр тиийэн базаҕа түстүбүт. Парашютистар бөҕө бааллар, көрүү-истии бөҕөтө. Мэдиссиинискэй хамыыһыйаны ааһан, бэлэмнэнэн, от ыйын 22 күнүгэр бастакы ыстаныыга сарсыарда эрдэ 5:30 ч. ааһыыта уһугуннардылар. Онтон ыстанар сирбит былаһааккатыгар тиийдибит. Массыынаҕа парашюттары тиэйэн, онно олорон тиийэн парашюттарбытын кэтэн 6 чаас ааһыыта сөмөлүөккэ киллэрдилэр. Сарсыарда эрдэ тыала суох буолар, онон саҥа парашютистары эрдэ ыстаннараллар. Үөһэ тахсан сөмөлүөт хаста да эргийдэ. Онтон ыстаныы саҕаланна. Нөҥүө күнүгэр эмиэ ыстанныбыт. Халлаан улам тыалыран барда. Ити 1989 сылга этэ. Онтон ыла 35 сыл ааста.
1990 сылга ДОСААФ-тар манна Дүллүкүгэ кэллилэр. Дүллүкүттэн 25 уонна оройуон кииниттэн аҕыйах оҕону ыллыбыт. Арҕаа Эбэҕэ ыстанаҕыт диэтилэр. Доруобуйабытын бэрэбиэркэлээтилэр. Сөмөлүөт кэлэн биир күн 3 подъем буолла, мин иккитэ, оҕолор биирдиитэ ыстаннылар. Сарсыныгар эмиэ ыстанныбыт. 3 ыстаныы кэннэ оҕолорго дастабырыанньа уонна значок биэрэллэр этэ. Оннук 1996 сылга диэри сыл аайы ыстанар буолбуппут. 1994 с. 53 киһи 4 күнү быһа ыстаммыппыт. Парашютунан ыстаммыт дьон ахсаана барыта 485 киһиэхэ тиийбитэ. Биир дьиэ кэргэнтэн хастыы да оҕо дьарыктанан ыстаммыттара: Яков, Мара Никифоровтар 4 оҕолоро, Иннокентий, Раиса Томскайдар 3 оҕолоро, Христофор, Елизавета, Анисимовтартан 3 оҕо.
Ыстаныы кэлин харчылаах буолбута. Биир ыстаныы 3000 солк., онтон 6000 солк. тиийбитэ. Ыстамматахпыт 4-с сылыгар барда. Биһиги оҕолору бэлэмниибит, лааҕырбытын эмиэ үлэлэтэ сылдьабыт. Ол гынан баран, үбүлээһиҥҥэ тиийэн иҥнэн, ыстанар кыахпыт суох. Инникитин быһаарыллыа диэн эрэнэбит.
-Кулуупка дьарыктаммыт оҕолортон туох идэлээх дьон таҕыстылар?
-Биһиэхэ дьарыктаммыт оҕолор маассабайдык авиацияҕа киирэ сылдьыбыттара. Мин билэрбинэн, 3 летчик идэлээх киһи баар. Хороттон Евдокимов Алексей, Дүллүкүттэн Лазарев Анатолий уонна Үөһээ Бүлүүттэн эмиэ летчик баар. Кинилэр билигин араас хайысханан көтөллөр. Техниктэр элбэхтэр.
-Парашют спорда оҕоҕо туох туһалааҕый?
-Парашют диэн — кутталлаах спорт көрүҥэ. Санаан көрдөххө, үөһэттэн түһүү диэн сэрэхтээх. Ол гынан баран, анал бэлэмнэниини ааһан ыстаныахха сөп. Биһиги оҕолору толору бэлэмниир кыахтаахпыт. Материальнай базабыт баар: укладкалыыр, парашюту салайа үөрэнэр подвесной системалар, учебнай парашюттарбыт буолунайдар. Элбэх оҕону дьарыктыахпытын сөп. Бэйэтин кыанар оҕо ыстанар, ким барыта үөһэ таҕыстаҕына бастаан куттанар. Оҕо бастаан ыстанарыгар улаханнык тугу да өйдөөбөккө хаалар, астынар аҕай. Онтон ким эрэ 2-с ыстаныыга толкуйданан ылар, куттана-куттана ыстанар, сорохторго саамай ыарахан 3-с ыстаныы буолар. Онно барытын толкуйдуугун, “мин тоҕо ыстанабыный, дьиэбэр тэлэбиисэр көрө олорбутум да буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ” диэн курдук санаалар киирэллэр. Биһиги манна горкалаахпыт. Бу сөмөлүөттэн ыстанарга бэлэмнииргэ олус туһалаах. Горкаттан холкутук түһэр буоллаххына, сөмөлүөттэн ыстаныаххын сөп. Онон парашют спорда — хорсун санаалаах, бэйэтигэр эрэллээх, баҕалаах киһи дьарыга. Баҕалаах оҕону төрөппүтэ көҥүллээбэт буоллаҕына, ыстаннарбаппыт. Бэйэм 200-чэкэ ыстаныылаахпын.
Айыына Петрова, Александра Иванова, 8 кылаас үөрэнээччилэрэ,
”Эрчим” медиакиин, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: