Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин дьонугар-сэргэтигэр туһаайыы оҥордо:
«Дьону аймаабыт мобилизация билигин бэрээдэктэннэ. Нэһилиэк аайы ханнык рангалаах, идэлээх дьон наадатынан көрөн испииһэк тиэрдиллэн турар. Ордук радистар, артиллеристар, ракетчиктар наадалар эбит.
Ыҥырыллыбыт дьон Үөһээ Бүлүүттэн чуолкайдык бара тураллар. Манна туох да сабатаас суох. Бэйэбит уолбут Михаил Васильевич Ан Хабаровскай диэки тиийэн, сахалары барылары түмэн, таҥыннаран, аһатан-сиэтэн сылдьар. Сотору кэминэн, бэлэмнэнэн баран, ханна ыыталларынан барыахтара. Онно тиийэн этэҥҥэ сылдьыахтара дии саныыбын. Саамай сүрүнэ диэн, бэйэ-бэйэлэрин тутуһан, өйөһөн сылдьыахтарын наада. Ким даҕаны саха норуотун аатын түһэн биэриэ суоҕун наада. Куттаһа суохпутун, хорсуммутун, харса суохпутун, дьиҥнээх хоту хоһууннара буоларбытын көрдөрөр уонна дойдубутугар ытык иэспитин төлүүр кэммит кэллэ.
Арассыыйаттан саха курдук элбэҕи туһаммыт омук аҕыйах. Биһиги туһанары эрэ билэр дьон буолбакка, утары уунары билэр дьоммут. Онон уолаттарбыт дьоһуннаахтык сылдьыахтара, куттаҕастара суоҕун, хорсуннарын көрдөрүөхтэрэ. Өлөн-охтон биэриэхтэрэ суоҕа. Биһиги, сахалар, бу өлөр-хаалар түгэммит буолбатах, бэйэбит дойдубутун көмүскүүр биир улахан хардыыбыт буолар. Салгыы олох хайдах буоларын бэйэтэ көрдөрөн иһиэҕэ. Ол эрээри, биһиги түмсүүлээх, биир өйгө-санааҕа киирбит күүстээх санаалаах омук буолуохтаахпыт диэн чуолкай өйдүүбүн.
Украина уонна Улуу Арассыыйа харсыытыгар ким кыайара биллэр. Билиҥҥиттэн бары куттанан, бэйэ-бэйэбитигэр үҥсүһэн киирэн бардахпытына ырааппаппыт. Бэйэ-бэйэбитин харыстаһар, өйөһөр кэммит дьэ кэллэ. Бу кураанах тыл буолбатах, мин икки хаан-уруу быраатым төрөөбүт дойдуларын туһугар баран сылдьаллар. Таптыыр бырааттарбын испэр олус харыстыыбын уонна Үрдүк Айыылартан этэҥҥэ эргиллэн кэллинэр диэн көрдөһөбүн. Онон бука бары Үрдүк Айыылартан көрдөһүөххэйиҥ, уолаттарбыт бу уоттаах, аан дойдуну аймаабыт дойдуттан этэҥҥэ эргиллэн кэллинэр диэн.
Охтоохтон охтумаҥ, саалаахтан самнымаҥ диэн алгыахпытын эрэ наада. Бары этэҥҥэ буолуоххайыҥ уонна дьоммут этэҥҥэ доруобай эргиллэн кэлэллэрин кэтэһиэххэйиҥ!»
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …
Түөкүттэр социологическай ыйытыылары биэрбитэ буолан, кэпсэтиннэрэ сатыыллар. Сыаллара-соруктара – куоласкын уһултара охсуу. Ол кэнниттэн эн…