Владимир Прокопьев: «Бүгүн бу бырааһынньыгы биһиги бэлиэтиирбит олус наадалаах»
Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев Арассыыйа күнүн бэлиэтиир олус наадалаах диэн санаатын үллэстэр:
– Бэс ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа күнэ бэлиэтэнэр. Бүгүн бу бырааһынньыгы биһиги бэлиэтиирбит олус наадалаах, тоҕо диэтэххэ, буола турар байыаннай эпэрээссийэ дойдубут дьылҕатын быһаарар суолталаах.
Бары билэрбит курдук, байыаннай дьайыылар саҕаланыахтарыттан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быстах мобилизацияны биллэрэн турар, ол иһин кыайыы туһугар түмсүүлээх буолуох тустаахпыт. Биһиги, Саха сирин олохтоохторо, Арассыыйаны кытта 400 сыл бииргэ олорон, норуот быһыытынан бииргэ сайдан кэллибит. Дьылҕабытын Арассыыйаны эрэ кытта сибээстээтэхпитинэ, сайдар кыахтаахпыт.
Онон биһиги эһэлэрбит, аҕаларбыт курдук дойдубутугар патриоттуу сыһыаннаах буолуохтаахпыт уонна ыччаппытын оннук санааҕа иитиэхтээхпит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: