Салгыы
Владимир Прокопьев: «Кыайыы кэлиэҕэ уонна кэлиэхтээх!»

Владимир Прокопьев: «Кыайыы кэлиэҕэ уонна кэлиэхтээх!»

Ааптар:
07.11.2022, 14:55
Бөлөххө киир:

Саха сириттэн быстах ыҥырыынан, хантарааҕынан уонна үтүө баҕанан тиийэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар уолаттарбыт төрөөбүт дойдуларыттан туох кыаллар көмөнү, өйөбүлү ыла сылдьар буоланнар, санаалара бөҕөх, кыайыыга-хотууга эрэллэрэ улахан.

СӨ Ил Түмэнин судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох бэйэни салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев бу тула бүгүҥҥү быһыы-майгы туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Анал байыаннай эпэрээссийэ ыытылларын туһунан биһиги дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олунньу 24 күнүгэр биллэрбитэ. Тоҕо диэтэххэ, аҕыс сылы быһа Донбасс, Луганскай өрөспүүбүлүкэлэрин Украина националистара сүгүн олордубаккалар, маны Арассыыйа өр тулуйа сатаан баран, кыһалҕаттан анал байыаннай эпэрээссийэни саҕалаабыта. Бу эпэрээссийэ үрдүк сололоох байыаннай салайааччыларбыт былааннаабыттарын быһыытынан бара турар. Манна биһиги өттүбүтүттэн төһө кыайарбытынан көмөлөһө, үлэлэһэ олоробут. Дьон-норуот маннык балаһыанньаны сөпкө өйдөөн, көмөлөһө олорор, санаата бөҕөх. Ньурба улууһуттан биһиги оҕолорбут онно баран кытта сылдьаллар. Улуус баһылыга Алексей Михайлович соторутааҕыта Донецкайга баран, инники кирбиигэ сылдьар уонна госпитальга эмтэнэ сытар улуус ыччаттарын көрсүбүтэ, гуманитарнай көмөнү туттарбыта. Өрөспүүбүлүкэ Москваҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин баазатыгар Саха сириттэн байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөһөр Киин тэриллэн, улахан үлэ ыытыллар. Биһиги барыбыт күүспүтүн, кыахпытын бииргэ түмэн, хайаан да кыайыахпыт диэн бүк эрэллээхпит. Атын  ханнык да толкуй кимиэхэ да киириэ суохтаах. Бу кыайыы кэлиэҕэ уонна кэлиэхтээх!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 87% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: