Владимир Путин 2024 сылга хамнас алын кээмэйэ үрдүүрүн туһунан иһитиннэрдэ
Арассыыйаҕа быйыл хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) үрдүөҕүн туһунан бэрэсидьиэн Владимир Путин Калининград уобалаһын үрдүк үөрэҕин кыһаларын устудьуоннарын кытта көрсүһүүтүн кэмигэр иһитиннэрдэ.
“Хамнас алын кээмэйин үрдэтиэхпит, быйылгыттан биллэ үрдүөҕэ. Социальнай босуобуйаны киллэрэн туран, бары атын төлөбүрдэргэ көстөр буолла”, — диэн дойду баһылыгын эппитин РИА суруйар.
Тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйин 18,5 бырыһыан индексациялаабыттар, билигин 19 242 солк. буолла. Былырыын бу көрдөрүү 16 242 солк. этэ. 2025 сыллааҕы медианнай хамнас, хамнас алын кээмэйин кытта тэҥнэһиитэ 48 бырыһыантан намыһах буолуо суоҕа.
2020 сыллаахха ылыллыбыт көрүҥҥэ олоҕуран, хамнас алын кээмэйэ ааспыт сыл медианнай хамнаһынан (Арассыыйа аҥара бу сууматтан элбэҕи ылар, аҥара — кыраны) суоттанан ааҕыллар. Урут бу тэҥнэһии (соотношение) 42 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: