Владимир Путин: «2030 сылга дьадайыы таһыма 7%-тан намыһах буолуохтаах»
29.02.2024, 19:29
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
«Арассыыйа нэһилиэнньэтин 9 % кэриҥэ дьадайыыны көрсөр. Элбэх оҕолоох ыалларга бу көрдөрүү 30% кэриҥэ», — диэн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха этиитин кэмигэр бэлиэтээтэ уонна 2030 сылга дьадайыы таһымын 7 % диэри аччатарга, оттон элбэх оҕолоох ыаллар ортолоругар бу көрдөрүү икки төгүл кыччыахтаах диэн эттэ.
Судаарыстыба баһылыга дьадайыы сытыы кыһалҕалартан биирдэстэрэ буоларын ыйда.
Дьиэ кэргэттэри өйүүр миэрэлэртэн биирдэстэринэн социальнай хантараак буолар. Бэрэсидьиэн өйөбүл бу миэрэтэ кэҥиэ диэн эрэннэрдэ, итиннэ эбии 100 млрд солк. ирдэнэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: