Владимир Путин А.С.Пушкин аатынан түмэл-лиссиэйгэ сырытта
Владимир Путин Санкт-Петербург куоракка 1811 сылтан 1817 сылга диэри А.С. Пушкин үөрэммит лиссиэй түмэлин экспозициятын көрдө. Былырыын Бэрэсидьиэн үөрэх тэрилтэтин чөлүгэр түһэрэр идиэйэни өйөөбүтэ.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин Санкт-Петербург куорат анныгар «Ыраахтааҕы сэлиэнньэтэ» судаарыстыбаннай түмэл-заповедникка сырытта диэн Кириэмил иһитиннэрэр. Судаарыстыба баһылыга бөлүүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, улуу бэйиэт уонна суруйааччы Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылын туолар күнүгэр лиссиэй түмэлигэр сырытта.
«Бэрэсидьиэн А.С. Пушкин мемориальнай түмэл-лиссиэй быыстапкалыыр саалаларын, буфетнай сааланы, остолобуойу, балыыһаны, мастарыскыайы уонна үөрэх кылаастарын көрдө», — диэн Кириэмил пресс-сулууспата суруйар. Ону сэргэ Бэрэсидьиэн Пушкин императордары уонна улуу кинээстэри кытта ыкса сибээстэрин көрдөрөр «Поэт и царь» быыстапканы көрдө. Манна бэйиэт тус маллара, мэтириэттэрэ, архыып докумуоннара, император дьиэ кэргэнин тус маллара көрдөрүүгэ тураллар. Путины түмэл-заповедник дириэктэрэ Ольга Таратынова уонна Александр Пушкин аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы түмэл дириэктэрэ Сергей Некрасов арыаллаатылар.
А.С. Пушкин аатынан түмэл-лиссиэй 1811-1817 сс. Александр Пушкин үөрэммит ыраахтааҕы лиссиэй дьиэтигэр баар.
Санаттахха, дойду Бэрэсидьиэнэ бэс ыйын 5-8 күннэригэр ыытыллар Петербурдааҕы аан дойдутааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа (ПМЭФ) кыттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: