Владимир Путин А.С.Пушкин аатынан түмэл-лиссиэйгэ сырытта

Share

Владимир Путин Санкт-Петербург куоракка 1811 сылтан 1817 сылга диэри А.С. Пушкин үөрэммит лиссиэй түмэлин экспозициятын көрдө. Былырыын Бэрэсидьиэн үөрэх тэрилтэтин чөлүгэр түһэрэр идиэйэни өйөөбүтэ.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин Санкт-Петербург куорат анныгар «Ыраахтааҕы сэлиэнньэтэ» судаарыстыбаннай түмэл-заповедникка сырытта диэн Кириэмил иһитиннэрэр. Судаарыстыба баһылыга бөлүүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, улуу бэйиэт уонна суруйааччы Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылын туолар  күнүгэр лиссиэй түмэлигэр сырытта.

Хаартыска: Кириэмил саайтыттан

«Бэрэсидьиэн А.С. Пушкин мемориальнай түмэл-лиссиэй быыстапкалыыр саалаларын, буфетнай сааланы, остолобуойу, балыыһаны, мастарыскыайы уонна үөрэх кылаастарын көрдө», — диэн Кириэмил пресс-сулууспата суруйар. Ону сэргэ Бэрэсидьиэн Пушкин императордары уонна улуу кинээстэри кытта ыкса сибээстэрин көрдөрөр «Поэт и царь» быыстапканы көрдө. Манна бэйиэт тус маллара, мэтириэттэрэ, архыып докумуоннара,  император дьиэ кэргэнин тус маллара көрдөрүүгэ тураллар. Путины түмэл-заповедник дириэктэрэ Ольга Таратынова уонна Александр Пушкин аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы түмэл дириэктэрэ Сергей Некрасов арыаллаатылар.

А.С. Пушкин аатынан түмэл-лиссиэй 1811-1817 сс. Александр Пушкин үөрэммит ыраахтааҕы  лиссиэй дьиэтигэр баар.

Санаттахха, дойду Бэрэсидьиэнэ бэс ыйын 5-8 күннэригэр ыытыллар Петербурдааҕы аан дойдутааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа (ПМЭФ) кыттар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…

8 часов ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

9 часов ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

10 часов ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

10 часов ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

10 часов ago