Владимир Путин Айсен Николаевы РФ Госсэбиэтин “Энергетика” хайысхатыгар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн анаата

Владимир Путин Айсен Николаевы РФ Госсэбиэтин “Энергетика” хайысхатыгар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн анаата

23.07.2024, 10:03
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл от ыйын 22 күнүгэр РФ Госсэбиэтин “Энергетика” хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаевы анаата.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Арассыыйа Федерациятын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын хайысхаларыгар Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай сэбиэтин хамыыһыйаларын уонна кинилэр бэрэссэдээтэллэрин туһунан” 613 №-дээх Ыйаахха илии баттаата.

“Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Сэбиэтин “Энергетика” хайысхатыгар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн — Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын Николаев А.С. аныырга”, — диэн ыйаахха ыйыллыбыт.

Бу иннинэ тустаах дуоһунаска Кемеровскай уобалас баһылыга Сергей Цивилев ананан үлэлээбитэ, кини быйыл Арассыыйа Федерациятын энергетика миниистиринэн анаммыта.

Арассыыйа социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын хайысхаларынан Госсэбиэт 21 хамыыһыйатын  бэрэссэдээтэллэринэн Арассыыйа эрэгийиэннэрин салайааччылара буоллулар.

Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай Сэбиэтэ Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ публичнай былаас биир тиһигэр киирэр уорганнар үлэлэрин уонна хардарыта сыһыаннаһыыларын хааччыйыыга конституционнай судаарыстыбаннай уорганынан буолар.

РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин “Энергетика” хайысхатыгар  хамыыһыйата Арассыыйаҕа энергетиканы сайыннарыыга үлэлиир, ол иһигэр энергетика салаатыгар технологическай суверениететы хааччыйыыга судаарыстыбаннай бэлиитикэни олоххо киллэриини, олохтоох уот салаатын массыыналарын оҥорууну сайыннарыыны  сүрүннүүр.

РФ Госсэбиэтин социальнай-экэнэмиичэскэй хайысхаларынан хамыыһыйаларын бэрэссэдээтэллэрэ бэйэлэрин үлэлэрин уопсастыбаннай төрүккэ ыыталлар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
5
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: