Салгыы
Владимир Путин: “Арассыыйа АХШ салалтатын кытары көрсөртөн хаһан да аккаастамматаҕа”  

Владимир Путин: “Арассыыйа АХШ салалтатын кытары көрсөртөн хаһан да аккаастамматаҕа”  

28.01.2025, 18:35
РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Арассыыйа Америка Холбоһуктаах Штаттарын дьаһалтатын кытары кэпсэтииттэн хаһан да аккаастамматаҕын, Украинаны кытары иирсиигэ АХШ салалтатын кытары көрсүһэр санаалааҕын биллэрдэ.

Бастатан туран этиэм этэ, Арассыыйа Америка Холбоһуктаах Штаттарын дьаһалтатын кытары кэпсэтэртэн хаһан да аккаастамматаҕа. АХШ урукку салалтата кэпсэтэртэн куотуммута бу биһиги буруйбут буолбатах, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Владимирович суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр.

Дональд Трамп туһунан этэригэр, Владимир Путин кинини кытары дьыалабыай кэпсэтиини ыытыахха сөбүн эттэ.

АХШ билиҥҥи бэрэсидьиэнин кытары биһиги дьыалабыай сыһыаннаахпыт. Ону ааһан бэйэ-бэйэбитигэр эрэнэбит диэххэ сөп. Ол эрээри Трамп мин бэрэсидьиэнинэн олорбутум буоллар, Украина иирсээнэ тахсыа суоҕа этэ диэн этиитин утарабын. Дональд Трамп бэйэтин кэмигэр Арассыыйаны утары араас хааччаҕы киллэрбитэ. Бу, биллэн турар, Арассыыйа да, АХШ да экэниэмикэтигэр туһаны аҕалбат, — диэн этэр кини.

Украина иирсээнин туһунан этиитигэр бэрэсидьиэн: “Бу боппуруоска биһиги кэпсэтэргэ бэлэммит. Ол эрээри, манна даҕатан этиим, Киев туох баар кэпсэтиини ыытыыны барытын бобон анал декрет таһааран турар. Бу декретын көтүрдэҕинэ эрэ туох эмэ кэпсэтии тахсыан сөп. Манна Украинаҕа харчы кута олорор судаарыстыбалар улахан оруоллаах буолуохтара. Онон, мин санаабар, бу уонна атын боппуруостарга АХШ бэрэсидьиэнин кытары көрсөн кэпсэтэр сөп”, — диэн иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: