Владимир Путин: “Арассыыйа эрэгийиэннэрэ Казахстаны кытары быһаччы үлэлэһиилэрин өйүөхпүт”
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа уонна Казахстан бииргэ үлэлэһиилэрин ХIX форумугар Арассыыйа 76 эрэгийиэнэ Казахстаны кытары үлэлэһэ олорорун бэлиэтээн эттэ. Ол иһигэр Саха сирин салалтата ыытар үлэтин аҕынна.
Санатан эттэххэ, бу форум уон тохсус төгүлүн ыытыллар. Быйылгы форумҥа икки дойдуттан отуттан тахса эрэгийиэннэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Владимир Путин бэлиэтииринэн, Арассыыйа уонна Казахстан эрэгийиэннэрэ бииргэ үлэлэһиилэрэ дойдулар доҕордоһууларыгар ураты суолталаах.
— Күн бүгүн Арассыыйа 76 эрэгийиэнэ Казахстан уобаластарын кытары тэҥҥэ үлэлиир. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Астрахань, Челябинскай уобаластар салайааччылара Казахстаҥҥа оробуочай сырыыларынан кэлэн барбыттара. Казахстан дэлэгээссийэтэ быйыл биһиэхэ Красноярскайдааҕы экэниэмикэ форумугар, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар сылдьыбыттара, — диэн бэлиэтиир кини.
Бэрэсидьиэн эрэгийиэннэр ыытар үлэлэрэ көдьүүстээҕин уонна улахан суолталааҕын бэлиэтээн туран, салгыы да бу үлэни өйүөҕүн эттэ.
— Эрэгийиэннэр бэйэ-бэйэлэрин кытары үлэлэһиилэрин салгыы да өйүөхпүт уонна саҥа саҕахтары арыйыыларыгар күүс-көмө буолуохпут, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Владимирович.
Манна даҕатан эттэххэ, дойдулар бииргэ үлэлэһиилэригэр быйыл икки дойдуларга хардарыта эбии консульстволар аһылыннылар. Билигин Арассыыйаҕа Казахстан консульствота Санкт-Петербург, Казань, Астрахань, Омскай куораттарга үлэлии турар буоллахтарына, быйыл өссө Екатеринбурга эбилиннэ. Оттон Арассыыйа консульствота Казахстаҥҥа Астананы, Алма-Атаны, Уральскайы, Уус-Каменогорскайы таһынан быйыл Актау куоракка аһыллыахтаах.
Култуура, үөрэх эйгэтигэр эрэгийиэннэр эмиэ быһаччы үлэлэһэ олороллор. Холобур, билигин Москватааҕы үрдүк үөрэх кыһаларын таһынан Арассыыйа атын куораттарыгар Казахстантан 61 тыһыынчаттан тахса устудьуон кэлэн үөрэнэ сылдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: