Салгыы
Владимир Путин: «Арассыыйа ханнык да быһыыга-майгыга сөптөөх хардатын биэриэ. Кырдьык биһиги өттүбүтүгэр!»

Владимир Путин: «Арассыыйа ханнык да быһыыга-майгыга сөптөөх хардатын биэриэ. Кырдьык биһиги өттүбүтүгэр!»

Ааптар:
21.02.2023, 20:36
Хаартыска Кремлин.ру-тан
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн, олунньу 21 күнүгэр, дойду Федеральнай Мунньаҕар Этиитигэр дойду олоҕун бүттүүнүн таарыйар боппуруостарга этиилэрин, көрүүлэрин иһитиннэрдэБэрэсидьиэн Этиитин аан дойду ТВ-ханааллара, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрэ кэтээн көрдүлэр.

Владимир Путин быйылгы Этиитин түмүктүүр чааһыгар бизнесменнэр Арассыыйа сайдыытыгар үлэлиэх тустаахтарын, олорор дьиэни гааска босхо холбооһун бырагыраамата салҕанарын, дойду Бэрэсидьиэни быыбара 2024 сылга быыбар сокуонун кытаанахтык тутуһуу бэрээдэгинэн ыытыллыаҕын, үрдүк үөрэхтээһин саҥа тиһигэр көһүү сыыйа киириэхтээҕин, тиийинэн олоруу таһыма кэлэр сылтан 19 тыһыынча 242 солкуобайга үрдүөхтээҕин туһунан эттэ. Уопсайынан, судаарыстыба бу кэмҥэ диэри тутуһан кэлбит сүрүн социальнай мэктиэлэрэ оннунан хаалалларын, өссө күүһүрдүллэн бэриллиэхтэрин чопчулаан бэлиэтээтэ.
Бэрэсидьиэн арҕаа дойдулар Арассыыйа стратегическай эбийиэктэрин ытыалыыр былааҥҥа быһаччы кыттыгастаахтарын, саҥа стратегическай комплекстар сиргэ баар баазаларыгар бойобуой дьуһуурустубаны олохтуур уураахха илии баттаабытын иһитиннэрдэ. Салгыы Владимир Путин Стратегическай кимэн киириини сэбилээһин туһунан Дуогабарга кыттыыттан Арассыыйа тахсарын, АХШ ядернай сэрии сэбин боруобалыырга бэлэмнэнэринэн Оборуона министиэристибэтигэр уонна Росатомҥа итинник бэлэмнэниини ыытарга сорудах биэрбитин туһунан эттэ.

Владимир Путин Этиитин: «Арассыыйа ханнык да быһыыга-майгыга сөптөөх хардатын биэриэ. Кырдьык биһиги өттүбүтүгэр!», —  диэн түмүктээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 января
  • -25°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 81% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: