Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум үлэһиттэрин кытары көрсүһүүтүн түмүгүнэн «Арассыыйа» национальнай киин үлэтин саҕалыыр бэрээдэгин уонна болдьоҕун туһунан сорудахтар испииһэктэрин бигэргэттэ.
Туһааннаах докумуон Кириэмил официальнай саайтыгар таҕыста диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бэрэсидьиэн сорудаҕын испииһэгэр сөп түбэһиннэрэн, «Арассыыйа» национальнай киинин быыстапкалыыр комплексын тутуутун былаана алтынньы 1 күнүгэр диэри оҥоһуллуохтаах. Бу иннинэ Владимир Путин Быыстапка нэһилиэстибэтин харайарга уонна Арассыыйа ситиһиилэрин көрдөрөргө Национальнай Киини Москва Краснопресненскай кытылыгар туруорарга дьаһал биэрбитэ. Национальнай киин бастакы тэрээһининэн “Кэлэр кэми оҥоруу” диэн аан дойдутааҕы научнай-фантастическай симпозиум буолуоҕа. Симпозиум кыттыылаахтара дойду инникитин хайдах буолуоҕун көрдөрүөхтэрэ.
«Арассыыйа» Национальнай киин норуоттар икки ардыларынааҕы сүрүн тэрээһиннэргэ судаарыстыба экэниэмикэ уонна култуура араас салаатыгар ситиһиилэрин билиһиннэриэҕэ, оттон быыстапканы ыытыы уопута үөрэхтээһиҥҥэ туһаныллыаҕа. Манан сибээстээн, РФ Бырабыыталыстыбатыгар уонна «Арассыыйа» ситиһиилэрин быыстапкатын дириэксийэтигэр» норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэргэ үлэлиир стратегияны оҥорон үөрэтэр матырыйааллары бэлэмнииргэ сорудахтаатылар.
Маны таһынан, эрэгийиэннэр салайааччыларыгар, “Арассыыйа” Национальнай киин филиалларын тэрийэргэ, ону тэҥэ федеральнай былаас уорганнарын уонна корпорациялары кытта киин тэрээһинин үлэтигэр кытталларыгар этилиннэ.
«Биһиэхэ киэн туттарбыт уонна көрдөрөрбүт баар. Ол эрээри, ону кэрэтик, айымньылаахтык көрдөрөр улахан суолталаах. Экспо былаһааккатыгар Национальнай киини оҥоруохпут диэн дуогабардастыбыт, ол быһаарылынна. Ону тэҥэ дойду эрэгийиэннэригэр эмиэ оҥоруохпут», — диэтэ дойду Бэрэсидьиэнэ.
«Арассыыйа» быыстапкатыгар-пуорумҥа Саха сирин истиэндэтигэр 2,2 мөлүйүөнтэн тахса киһи сылдьыбыта. 2023 с. ахсынньы 4 күнүгэр «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум аһыллыытыгар, ону тэҥэ кулун тутар 12 күнүгэр Саха сирин күнүгэр өрөспүүбүлүкэ киэҥ дьыалабыай, култуурунай уонна спортивнай бырагырааманы тэрийбитэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…