Владимир Путин Арассыыйа салайааччыларыгар дойду иһигэр оҥоһуллубут массыыналарга көһөргө эттэ
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 28 күнүгэр Самара уобалаһыгар Тольятти куоракка “АвтоВаЗ” собуотугар сырытта. Собуот үлэһиттэрин кытары көрсүһүүтүгэр Арассыыйа салайааччылара дойду иһигэр оҥоһуллубут массыыналарга көһөллөрө сөбүн эттэ.
— Салайааччылар бары Арассыыйа массыыналарыгар көһөллөрө сөп. Бу туһунан биһиги эрдэ кэпсэтэн турабыт. Ол эрээри билиҥҥитэ олоххо толору киирэ илик, — диэн этэр Владимир Владимирович.
Бэрэсидьиэн бэлиэтииринэн, бу боппуруос олоххо киирэрин, биир өттүнэн, манна туһааннаах ирдэбил суоҕа атахтыыр. Ону сэргэ судаарыстыбаннай улахан корпорацияларга Арассыыйа массыыналарын атыылаһыыга саҥа ирдэбил быйылгыттан киирэрэ буолар.
— Судаарыстыбаннай хампаанньалар тустарынан эттэххэ, Арассыыйа массыыналарыгар көһүүнү тиһэҕэр диэри ыытыахпыт. Бу, бииринэн, дойдуга оҥоһуллубут массыыналарга көмө буолар, иккиһинэн, судаарыстыба бэйэтэ оҥорон таһаарбытын атыылаһара ырыынак үйэтигэр сөптөөх, — диэн иһитиннэрэр бэрэсидьиэн.
Санатан эттэххэ, 2023 сыллаахха Владимир Путин судаарыстыбаннай сулууспалаахтар бастакы уочарат Арассыыйаҕа оҥоһуллубут массыыналарынан туһаналларыгар сүбэлээн турар. Ити сыл РФ бырамыысыланнаһын, атыытын-тутуутун министиэристибэтэ судаарыстыба суотугар атыылаһыллар массыыналар испииһэктэрин таһаарбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: