Владимир Путин Арассыыйа салайааччыларыгар дойду иһигэр оҥоһуллубут массыыналарга көһөргө эттэ

Share

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 28 күнүгэр Самара уобалаһыгар Тольятти куоракка “АвтоВаЗ” собуотугар сырытта. Собуот үлэһиттэрин кытары көрсүһүүтүгэр Арассыыйа салайааччылара дойду иһигэр оҥоһуллубут массыыналарга көһөллөрө сөбүн эттэ.

Салайааччылар бары Арассыыйа массыыналарыгар көһөллөрө сөп. Бу туһунан биһиги эрдэ кэпсэтэн турабыт. Ол эрээри билиҥҥитэ олоххо толору киирэ илик, — диэн этэр Владимир Владимирович.

Бэрэсидьиэн бэлиэтииринэн, бу боппуруос олоххо киирэрин, биир өттүнэн, манна туһааннаах ирдэбил суоҕа атахтыыр. Ону сэргэ судаарыстыбаннай улахан корпорацияларга Арассыыйа массыыналарын атыылаһыыга саҥа ирдэбил быйылгыттан киирэрэ буолар.

Судаарыстыбаннай хампаанньалар тустарынан эттэххэ, Арассыыйа массыыналарыгар көһүүнү тиһэҕэр диэри ыытыахпыт. Бу, бииринэн, дойдуга оҥоһуллубут массыыналарга көмө буолар, иккиһинэн, судаарыстыба бэйэтэ оҥорон таһаарбытын атыылаһара ырыынак үйэтигэр сөптөөх, — диэн иһитиннэрэр бэрэсидьиэн.

Санатан эттэххэ, 2023 сыллаахха Владимир Путин судаарыстыбаннай сулууспалаахтар бастакы уочарат Арассыыйаҕа оҥоһуллубут массыыналарынан туһаналларыгар сүбэлээн турар. Ити сыл РФ бырамыысыланнаһын, атыытын-тутуутун министиэристибэтэ судаарыстыба суотугар атыылаһыллар массыыналар испииһэктэрин таһаарбыта.

What’s your Reaction?
+1
20
+1
4
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Эспиэрдэр кыбаас туһатын сыаналаатылар

Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр кыбаас доруобуйаҕа туһалааҕын билэн, хас биирдии ыалга араас ырысыабынан дьикти утаҕы оҥостон…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун байыаннай дьайыыга кылаатын үрдүктүк сыаналаата

Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун баһылыгын Ярослав Бандеровы көрсөн, муниципалитет инники социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр.…

11 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Оҥоһуу өй сахалыы кэпсэтэр, оннооҕор хоһоон суруйар…

Сайдыы балысханнык хардыылаан, Оҥоһуу өй, ол эбэтэр нууччалыы эттэххэ, “Искусственнай интеллект” диэн саҥа технология баар…

32 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ соцреабилитацияны ааһаллар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор уонна улаатан эрэр оҕолор  реабилитационнай кииннэригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ,…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Харах далыгар — саха ытын боруодата

Бу күннэргэ Нам улууһун дьаһалтатыгар улуус булчуттара, булчут ыттарынан дьарыктанааччылар, сэҥээрээччилэр саха ытын боруода быһыытынан…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бэчээттэннэ

Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бу сыл олунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр. Дьаһалга…

54 минуты ago