Владимир Путин: “Арассыыйа суверенитетын хааччыйыыны сүрүн соругунан ааҕабын”
Владимир Путин бэрэсидьиэн поһугар бэйэтин соруктарын туһунан ыйытыыга хоруйдаата.
Владимир Путин бэрэсидьиэн поһугар сүрүн соругунан суверенитеты хааччыйыыны ааттаата. Бу туһунан кини сыл айы ыытар быһа линиятыгар уонна улахан пресс-кэмпириэнсийэтигэр эттэ.
“Биһиги дойдубут баар буолуута суверенитета суох кыаллыбат. Хайдаҕын да иһин, оннук олорбут уонна тыһыынча сыл баар буолбут көрүҥүнэн”, — диэтэ Путин.
Дойду бас-көс киһитэ бэлиэтииринэн, суверенитет – дириҥ ис хоһоонноох өйдөбүл. Тас өттүттэн куттал суох буолуутуттан, дойду быраабын уонна көҥүлүн хааччыйыыга, бэлиитикэ тиһигин сайыннарыыга тиийэ, парламентаризмтан экэниэмикэ эйгэтигэр куттал суох буолуутун хааччыйыыга уонна технологическай суверенитекка тиийэ.
“Үп-экэниэмикэ, технологическай суверенитет – бу Арассыыйаны киллэрэн туран, хас биирдии дойду инники кэскилэ. Бу сүрүн, чопчулаан эттэххэ, быһаччы хайысхабыт”, — диэн бэлиэтээтэ Владимир Путин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: