Владимир Путин: “Арассыыйа Турцияны кытары үлэлэһиитэ кэҥиир”

Владимир Путин: “Арассыыйа Турцияны кытары үлэлэһиитэ кэҥиир”

05.09.2023, 15:00
Анадолу сайтыттан
Бөлөххө киир:

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Турция Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган балаҕан ыйын 4 күнүгэр Сочига көрүстүлэр. Көрсүһүүгэ Владимир Путин бу кэпсэтии икки дойдулар хардарыта үлэлэһиилэригэр улахан суолталааҕын бэлиэтээн эттэ.

Владимир Владимирович Арассыыйа уонна Турция икки ардытыгар табаары эргинии көрдөрүүтэ сылтан-сыл эбиллэн иһэрин бэлиэтээтэ.

Былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн Арассыыйа уонна Турция икки ардыгар табаарынан эргинии 86 бырыһыанынан үрдээбит. Быйыл да ити көрдөрүүттэн түспэккэ турабыт. Оттон эйгэлэринэн ылан көрдөххө, аҥаардас тыа хаһаайыстыбатыгар, энергетикаҕа эрэ буолбакка, атын хайысхаларга эмиэ үлэлэһии элбээбитэ көстөр. Энергетикаҕа Турцияны кытары гаас ситимин тардыыга кэпсэтэн турабыт. Сотору кэминэн бу кэпсэтиилэрбит түмүктэнэн саҥа бырайыагы саҕалыахпыт диэн эрэнэбин. Ону сэргэ “Аккую” диэн атомнай электростанция тутуута салгыы бара турар. Эһиил станция бастакы блогун үлэҕэ киллэрэр былааннаахпыт. Бу бырайыакка билигин 25 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлии сылдьар. Тыа хаһаайыстыбатыгар Турцияттан Арассыыйаҕа табаар кэлэрэ элбээтэ. Металлургия хайысхатыгар эмиэ бииргэ үлэлэһиибит үтүө түмүктэрдээх буолла, — диэн этэр Владимир Путин.

Арассыыйа уонна Турция бэрэсидьиэннэрэ итини таһынан көрсүһүүлэригэр Украина, Сирия боппуруостарын, Хара муоранан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын таһыы дуогабарын кэпсэттилэр. Бу туһунан сиһилии “Саха сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: