РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлиҥҥи сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ыытыллыбыт үлэлэр түмүктэрэ көстөн эрэллэрин бэлиэтиир. Бу туһунан кини бэҕэһээ, сэтинньи 21 күнүгэр, Тюмень уобалаһын кытары быһа сибээһинэн ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Владимир Путин иһитиннэрбитинэн, билигин Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыллан олорорун таһынан, бэйэ бородууксуйатын атын дойдуларга экспортка таһаарар.
— Тыа хаһаайыстыбатыгар кэлиҥҥи сылларга кэккэ миэрэлэри ылбыппыт үтүө түмүктэрдээх буолла. Билигин тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан бэйэбитин хааччынан олорорбутун таһынан, аан дойдуга, туох да диэбит иһин, оҥорон таһаарыыбытынан бастыҥнар кэккэлэригэр киирсэбит. Бүгүҥҥү туругунан, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан, чуолаан бурдугунан, саахарынан, мас арыытынан, о.д.а. бородууксуйаларынан хааччыллан олоробут. Эккэ, эт бородууксуйатыгар да көрдөрүүбүт куһаҕана суох. Быйыл эт бородууксуйатын оҥорон таһаарыы 100,8 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Былаан быһыытынан, 85 бырыһыантан кырата суох буолуохтаах этэ. Онон бу олус үчүгэй көрдөрүү. Билигин эти оҥорон таһаарааччылар бэйэлэрин бородууксуйаларын Арассыыйа эрэгийиэннэрин таһынан, 110-тан тахса дойдуга батараллар, — диэн этэр кини.
Владимир Владимирович мунньах кэмигэр үүккэ, үүт бородууксуйатыгар болҕомто уурарга эттэ.
— Билигин үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарыы 84,3 % тэҥнэһэн турар, дьиҥэр, былаан быһыытынан, 90-тан тахса бырыһыан буолуохтаах этэ. Онон инникитин манна болҕомтобутун уурарбыт наада, — диэн бэлиэтиир бэрэсидьиэн.
Түмүккэ Владимир Путин тыа хаһаайыстыбатын 2030 сылга диэри сайыннарыы стратегиятын олоххо киллэриигэ болҕомтотун хатаата.
— Манна туһаайан эттэхпинэ, бу стратегияны олоххо киллэрии ньыматын саҥардан, баар мэхэньиисими кэҥэтэн биэрии соруга турар. Билигин бырабыыталыстыба бу боппуруоска ылсан үлэлиир. Бу боппуруостарга федеральнай уорганнар да, эрэгийиэннэр да ыкса үлэлииллэрэ наада, — диэн этэр кини.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…