Владимир Путин: Арассыыйаҕа хомуур түмүктэннэ
Арассыыйаҕа хомуур түмүктэммитин туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, алтынньы 31 күнүгэр, Сочига Азербайджан бэрэсидьиэнин Ильхам Алиевы уонна Армения премьер-миниистирин Никола Пашиняны кытары көрсүһүү кэнниттэн суруналыыстарга иһитиннэрдэ.
“Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ хомуур түмүктэммитин туһунан анал ыйааҕы таһаарар наадатын дуу, суоҕун дуу юристары кытары сүбэлэһиэҕим. Хомуур билигин түмүктэннэ, туочука турда”, — диэн иһитиннэрэр Владимир Путин суруналыыстар ыйытыыларыгар. Бэрэсидьиэн этэринэн, билигин 259 тыһыынча саллаат анал үөрэххэ сылдьар.
Санатан суруйдахха, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ бэҕэһээ Сочига Азербайджан бэрэсидьиэнин Ильхам Алиевы уонна Армения премьер-миниистирин Никола Пашиняны кытары көрсөн кэпсэттэ. Көрсүһүү кэмигэр Азербайджан уонна Армения сыһыаннарын, Украинаттан бурдугу таһаарыы, о.д.а. тустарынан кэпсэттилэр. Владимир Путин бэлиэтииринэн, билигин да бурдук дьадаҥы дойдуларга үс-түөрт эрэ бырыһыана тиийэ олорор. Бэрэсидьиэн Украина эппит тылыгар турбатын, Арассыыйа бурдугу таһыы бырагырааматыттан тахсарын иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: