Владимир Путин: “Арассыыйаҕа үрдүк үөрэх кыһаларыгар 25 саҥа кампус киириэҕэ”

Share

Билиҥҥи кэм ирдэбилинэн орто, үрдүк үөрэх кыһаларын эбийиэктэрэ аны аныгылыы тутуллуохтара. Бу туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олунньу 1 күнүгэр тутууга саҥа бырайыактары киллэриигэ ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ.

Владимир Путин этэринэн, билигин Арассыыйа улахан хампаанньалара үөрэх кыһаларыгар, эдэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ улахан болҕомтолорун уурар буоллулар.

— Улахан хампаанньалар федеральнай бырагыраамаларга кыттыһан университеттарга кампустары тутууга үлэлэһэллэрин таһынан, билигин өссө бэйэлэрэ үбүлээн үөрэх кыһаларын инфраструктураларын сайыннарар буоллулар. Мин санаабар, бу исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ судаарыстыба уонна бизнес тэҥҥэ үлэлэһиилэрин үтүө уопута, — диэн бэлиэтиир мунньах кэмигэр Владимир Владимирович.

Владимир Путин бу күннэргэ маннык улахан бырайыактартан Москва, Татарстан, Башкирия, Ханты-Мансийскай автономнай уокурук университеттарыгар саҥа эбийиэктэри аһыыга быһа сибээһинэн кыттыыны ылла.

Мунньахха Альметьевскайдааҕы ньиэп институтун ректора Александр Дьяконов иһитиннэрбитинэн, институт научнай-чинчийэр киинин тутууга “Татнефть” хампаанньа көмөлөспүт. “Альметьевскайбытыгар “Ньиэп үрдүкү оскуолата” диэн научнай-чинчийэр кииммит аһылынна. Манна биһиги үөрэҕи, производствоны тэҥҥэ тутан ыытабыт. Сүрүн сакаасчыппыт уонна бу кииммитин үбүлээн туттарбыт хампаанньабыт “Татнефть” уопсайа 110 тыһыынчаттан тахса кв миэтирэ иэннээх улахан комплексы оҥорон таһаарда. Бу кииммитигэр икки улахан үөрэнэр куорпус, 712 миэстэлээх уопсай дьиэ, спорт киинэ, преподавателлэр, үлэһиттэр олорор 188 кыбартыыралаах анал куорпустара, оҕо саада, гостиница киирэллэр. Уопсайа 26,5 млрд солкуобайдаах тутуу барда. Институппут эбийиэктэрэ саҥардыллыаҕыттан быйылгыттан преподавателлэр да, устудьуоннар да кэлиилэрэ элбээтэ. Күн бүгүн институппутугар Арассыыйа 36 эрэгийиэниттэн, 9 тас дойдуттан устудьуоннар кэлэн үөрэнэ сылдьаллар”, — диэн этэр кини.

Дойду үрдүнэн билигин федеральнай бырагырааманан 2030 сылга диэри 25 бу маннык улахан бырайыак былааннанан турар. Владимир Путин бу бырайыактар тутууларын 2021 сыллаахха киллэрбитэ. Билигин 17 кампус бырайыактанан турар. Бэрэсидьиэн этэринэн, бу бырагыраама салгыы уһатыллыаҕа.

— Бу бырагырааманы уһатар соруктаахпыт. Тоҕо диэтэргин биһиги билигин исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ саҥа түһүмэххэ тахсан эрэбит, ол бастакы уочарат олорор, үөрэнэр эйгэбититтэн саҕаланыахтаах, — диэн этэр кини.

Владимир Путин бэлиэтииринэн, бу комплекстар үөрэҕи, үлэни, производствоны тэҥҥэ дьүөрэлииргэ үтүө холобур буолуохтаахтар. “Бу кампустар кэнэҕэскитин эрэгийиэннэр, куораттар сайдыыларыгар өй-санаа, билии, үөрэх өттүнэн күүс-көмө буолуохтаахтар. Ол иһин эбийиэктэр хара бырайыактаныахтарыттан улахан болҕомтону уурар наада. Манна эрэгийиэн, куорат сайдыыларын, былааннарын, сүрүн дьарыктанар хайысхаларын, бырамыысыланнай тосхоллорун учуоттуур сөп. Куораттар маастар-былааннарын көрүөххэ. Билигин Уһук Илин, Арктика куораттарын маастар-былааннарын бигэргэттибит. Атын да эрэгийиэннэргэ маннык үлэ барыаҕа”, — диэн этэр кини.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

17 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

36 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

56 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago