Салгыы
Владимир Путин: “Барыта 21 тыһ. эбийиэги чөлүгэр түһэрдибит”

Владимир Путин: “Барыта 21 тыһ. эбийиэги чөлүгэр түһэрдибит”

19.12.2024, 19:57
Хаартыска: Николай Борисов, СИА.
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыы буолан ааспыт, буола турар миэстэлэрин олохтоохторун чөлүгэр түһэрии боппуруоһа долгутара биллэр. Маныаха сыһыаннаах ыйытыыга хоруйдууругар бэрэсидьиэн күн бүгүн 21 тыһ. эбийиэк чөлүгэр түһэриллибитин иһитиннэрдэ.

— Бу сирдэри чөлүгэр түһэриигэ уонна сайыннарыыга аналлаах улахан бырагыраама үлэлиир, 2030 сылга диэри суоттанар. Үлэ номнуо ыытылла турар уонна кэккэ хайысхаларынан салгыы барыа даҕаны. Бу – суол-иис, олорор дьиэ, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын эбийиэктэрэ, социальнай-култуурунай тутуулар. Үс сыл иһигэр бу эрэгийиэннэр бары суолларын Арассыыйа нормативнай ирдэбилигэр эппиэттиир турукка  сөп түбэһиннэрэри былаанныыбыт…

Билигин номнуо 21 тыһ. эбийиэги чөлүгэр түһэрдибит (11 тыһ. федеральнай бүддьүөт суотугар, 10 тыһ. эбийиэк – шефтэһэр эрэгийиэннэр суоттарыгар. Бу эрэгийиэннэр салайааччыларыгар уонна олохтоохторугар махтанабын. Бу – сүүнэ үлэ, уопсай судаарыстыбаннай сорук. Бу туох оҥоһуллубута. Онтон чугастааҕы биэс-алта сылга өссө 20 тыһ. эбийиэги чөлүгэр түһэриэхтээхпит, тутуохтаахпыт. Бу барыта оҥоһуллуоҕа” – диэн эттэ.

Манна даҕатан аастахха, Саха сирэ тохсунньуттан ДНӨ Докучаевскай куоратын кытта шефтэһэр. Ил Дархан Айсен Николаев анал этиитигэр бу туһунан эмиэ ахтан ааспыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ 65 эбийиэккэ үлэ бүтэн эрэр, Саха сирин миэдиктэрэ үлэлииллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: