Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин олунньу 29 күнүгэр Федерация Сэбиэтигэр уонна бар дьонугар Анал этиитин иһитиннэриэҕэ. Ол иннинэ кини бастакы Анал этиилэригэр тугу эппитин ылан көрүөххэ.
Владимир Путин бэрэсидьиэнинэн талыллаат, 2000 сыллардаахтан Арассыыйа судаарыстыба быһыытынан бөҕөргүүрүгэр, былаас структуратын саҥардыыга, экэниэмикэни чөлүгэр түһэриигэ, ону сайыыннарыыга саҥа суоллары тобулууга болҕомтотун хатаабыт.
— Биһиги атын судаарыстыбалар сүбэлэрин, көмөлөрүн, кирэдьииттэрин ылан салгыы олоробут дуу эбэтэр бэйэбит күүспүтүнэн сайдабыт дуу диэн балай да уһуннук толкуйдаатыбыт. Бу маннык толкуйга, биһиги эрэ буолбатах, үгүс судаарыстыба киирэр. Ол эрээри бу боппуруоска биһиги суолбут биир – күүстээх дойду быһыытынан биһиги бэйэбит күүспүтүгэр итэҕэйэн, эрэнэн, онно олоҕуран салгыы сайдыахтаахпыт. Ол сайдыыбыт биһигиттэн, хас биирдиибититтэн, тутулуктаах, — диэн эппитэ баар.
Манна кини ордук дьон-сэргэ олоҕун тупсарыыга болҕомтотун уурбут. “Сылтан сыл нэһилиэнньэбит ахсаана кыччаан иһэр. Ортотунан ыллахха, сылын аайы 750 тыһыынча киһинэн көҕүрүүбүт. Онон дьон-сэргэ олоҕун тупсарыыны былаас бастакы уочарат көрүөхтээх”, — диэн иһитиннэрбит.
2002-2003 сылларга сүрүннээн экэниэмикэ, социальнай эйгэ боппуруостарын таарыйбыт. Манна аан бастакытын байыаннай дьыаланы күүһүрдүөххэ, реформаны оҥоруохха наадатын эппит уонна Чечняҕа сэрии түмүктэммитин иһитиннэрбит. Ону таһынан кэлэр уон сылга дойду валовай ис бородууктатын үрдэтэргэ сорук туруорбут.
2004-2005 сыллардаахха бэрэсидьиэн дойду сайдыытын аҥаардас биир-биэс эрэ сылынан буолбакка, уонча сылга былаанныахха наадатын эппит. Бу Анал этиилэригэр кини дойду үрдүнэн хаарбах дьиэлэри көтүрүүгэ, демографияҕа, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ болҕомто уурарга соруйбут. Ону сэргэ бу кэмтэн ыла Анал этии кэнниттэн эйгэлэринэн көрөн туспа ыйаахтар тахсар буолбуттар.
2006-2007 сылларга эппит туһаайыыларыгар Владимир Путин хорруупсуйаны утары охсуһууга, миграцияҕа, тас дойдулары кытары сыһыаҥҥа, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ, дойду куттала суох буолуутугар, аан дойдуга биир бастыҥ экэниэмикэлээх дойду буоларга, о.д.а. болҕомтотун уурбут.
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…