Владимир Путин: бэйэ оҥорон таһаарыытыгар инвестиция улаатыаҕа

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ дойду экэниэмикэтигэр инвестицияны киллэриигэ бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары мунньах ыытта. Онно кини бэйэ оҥорон таһаарыытыгар улахан болҕомто ууруллуохтааҕын, судаарыстыба манна бастакы уочарат инвестицияны ыытыахтааҕын эттэ.

 

Мунньахха экэниэмикэ миниистирэ Максим Решетников иһитиннэрбитинэн, билигин ньиэп, гаас, химия, металлургия эйгэлэригэр инвестиция киириитэ кыччаабыт. Үгүс хампаанньа билигин инвестицияҕа харчытын уга сатаабат.

Бырабыыталыстыба инвестицияны киллэриигэ кэлиҥҥи сылларга үгүһү киллэрдэ. Бастатан туран, инфраструктураны сайыннарыыга. Манна судаарыстыбаттан кирэдьиит ылыы систиэмэтин киллэрбиппит. Түөрт сылга манна анаан биир триллион солкуобай көрүллүбүтэ. Эрэгийиэннэр үксүн тырааныспарга, суолга-иискэ, гаас ситимин тардыыга, ууну, уоту киллэриигэ бу харчыны былааннаан олороллор. Бу хамсааһынынан эрэгийиэннэр 10 трлн солкуобайдаах инвестицияны киллэрэр былааннаахтар, барыта 300 тыһыынча үлэ миэстэтэ тахсыахтаах. Иккиһинэн, эрэгийиэннэр бүддьүөттэн ылбыт кирэдьииттэрин төннөрөр харчыларын инфраструктураларын сайдыытыгар ыытар кыахтаммыттара. Саҥа бырайыактар олоххо киирэн бардахтарына, кэлин мантан киирбит нолуоктарыттан федеральнай хааһынаҕа иэстэрин төннөрөллөр. Билигин бу хайысханан 69 эрэгийиэн туһанан олорор. Үсүһүнэн, национальнай туруктаах буолуу пуондата үлэлиир. Бу пуонда нөҥүө 2014 сылтан 2020 сылга диэри барыта уон биир бырайыак үбүлэммит. Итини таһынан “ВЭБ.РФ” хампаанньа бырайыактары өйүүр систиэмэлээх. Бу хайысханан барыта уон сэттэ бырайыак үбүлэннэ. Ол иһигэр Уһук Илин эрэгийиэннэригэр, — диэн иһитиннэрэр кини.

Владимир Путин бэлиэтииринэн, билигин бэйэ оҥорон таһаарыытын сайыннарыы, дойдубут үгүс эйгэтигэр тахсыбыт хайысхалары сөпкө туһаныы барыахтаах.

Инвестицияны экэниэмикэҕэ тардыы биһиэхэ хаһан баҕарар уустук этэ. Билигин өссө уустугурда. Ол эрээри аан дойду үрдүнэн уларыйыы буола турарынан, биһиэхэ сорох хайысхалар аһылла түстүлэр. Онон биһиги хайаатар да туһаныахпытын наада. Ол курдук, өйү-санааны, үбү-харчыны, үлэбитин-хамнаспытын, кыахпытын биир сиргэ түмүү барыахтаах. Ону сэргэ хампаанньаларбыт кыахтарын толору туһанар кэммит кэллэ. Билигин бэйэ оҥорон таһаарыытын өссө күүһүрдүөхпүтүн наада. Манна судаарыстыба үбүлээһинэ бастакы уочарат барыахтаах уонна ити үтүө түмүктэрдээх буолуоҕар эрэнэбин, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Боксер Василий Егоров спортивнай карьератын кыайыынан түмүктээтэ

Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…

18 минут ago
  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

49 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

2 часа ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

2 часа ago