Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин бэрэсидьиэн стипендията 30 тыһыынча солкуобайга, бырабыыталыстыба стипендията 20 тыһыынча солкуобайга диэри үрдүөҕүн туһунан иһитиннэрдэ. Бу туһунан кини тохсунньу 25 күнүгэр Калининград уобалаһын устудьуоннарын кытары көрсүһүүтүгэр эттэ.
Владимир Путин тохсунньу 25 күнүгэр Калиниград уобалаһыгар үлэлээтэ. Манна кини эрэгийиэн социальнай-экономическай сайдыытыгар мунньах ыытта уонна Устудьуоннар күннэринэн уобалас үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын устудьуоннарын кытары көрүстэ.
Устудьуоннар дойду бэрэсидьиэниттэн үгүс боппуруоһу ыйыттылар. Үөрэх систиэмэтиттэн саҕалаан үлэҕэ киириигэ тиийэ. Владимир Путин билигин үрдүк үөрэххэ киирии лаппа элбээбитин бэлиэтээн туран, судаарыстыба сылын аайы бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэлэри элбэтэн иһэрин иһитиннэрдэ.
— Өскөтүн уонча сыллааҕыта оскуоланы бүтэрээччилэр 50 бырыһыаннара хайаатар да үрдүк үөрэххэ киириэхтээхпит диир буоллахтарына, бу бырыһыан билигин 70-тан таҕыста. Манна, биир өттүнэн, судаарыстыба үрдүк үөрэххэ бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэлэри элбэппитэ дьайар, — диэн этэр кини.
Владимир Путин бэрэсидьиэн стипендиятын 30 тыһыынча солкуобайга тиийэ улаатыннарарын туһунан иһитиннэрдэ.
— Бэрэсидьиэн стипендиятын 30 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыннарарым туһунан бүгүн эһиэхэ Устудьуон күнүгэр иһитиннэрэбин. Бырабыыталыстыба эмиэ бэйэтин стипендиятын үрдэтэр туһунан боппуруоһу көрө сылдьар. Онон бэрэсидьиэн стипендията – 30 тыһыынча, оттон бырабыыталыстыба стипендията – 20 тыһыынча солкуобай буолуохтара, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
Санатан эттэххэ, Бэрэсидьиэн стипендиятын үөрэхтэригэр, наукаҕа ситиһиилээх устудьуоннар, аспираннар, куонкурустар, олимпиадалар, фестиваллар кыайыылаахтара, иккиттэн элбэх саҥа арыйыылаах эдэр чинчийээччилэр, Арассыыйа эбэтэр тас дойдулар научнай таһаарыыларыгар ыстатыйалара бэчээттэммит ааптардар ылыахтарын сөп. Оттон бырабыыталыстыба стипендиятын үөрэхтэригэр туйгун уонна наукаҕа ситиһиилээх устудьуоннар, аспираннар ылаллар.
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 30 күнүгэр РФ тырааныспарын миниистирин Роман Старовойту кытары көрүстэ.…
Бу күннэргэ күммүт-дьылбыт хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ хоту өттүгэр кыралаан хаардыыр. Өрөспүүбүлүкэ…
Хой Өрөгөй нэдиэлэтэ үүммүт. Үлэҕэр саҥа кыах аһыллыа. Салайааччыҥ болҕомтотун ылыаҥ. Нэдиэлэ устата харчы оҥорорго…
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…