Владимир Путин: “Биһиги күүспүт – үйэлээх үгэспитигэр”

Владимир Путин: “Биһиги күүспүт – үйэлээх үгэспитигэр”

16.11.2022, 10:00
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Кыайыы” Арассыыйатааҕы тэрийэр кэмитиэтин бэҕэһээҥҥи мунньаҕар Аҕа дойду сэриитигэр туһуламмыт пааматынньыктары харыстааһын болҕомто киинигэр сылдьыахтааҕын иһитиннэрдэ, дойду тоҕус куоратыгар, ол иһигэр, Дьокуускайга, “Килбиэннээх үлэ куората” ааты иҥэрдэ.

Владимир Владимирович, бастатан туран, сорох судаарыстыбалар аан дойду историятын соруйан уларыта сатыылларын бэлиэтээн эттэ.

— Сорох судаарыстыбалар аан дойду историятын уларыта сатыыллара кэлиҥҥи кэмҥэ олус сытыырхайда. Биһиги дойдубутугар тааллара кырыыланан, Арассыыйаны аан дойдуга намтатан көрдөрөн, биһиги күүспүтүн өһүлэ сатыыллар. Историяны уларытыы, араас сымыйа дойҕоҕу тарҕатыы, норуот сыаннаһын намтатыы – бу буолар судаарыстыбаны иһиттэн хамсатыы диэн. Бу маннык сценарийынан үгүс судаарыстыбаны хамсаппыттара, ол иһигэр Украинаны эмиэ. Биһиэхэ эмиэ оннук суолу хайа сатыыллар, — диэн иһитиннэрэр Владимир Путин.

Кини бэлиэтииринэн, Арассыыйа дьоно-сэргэтэ үйэлээх үгэстэрин тута сылдьаллара норуот бигэ туруктаах буолуутугар улахан оруоллаах.

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр үтүө үгэстэрбитин, култуурабытын, духуобунаспытын, утумнааһыммытын күннээҕи олохпутугар илдьэ сылдьарбыт – биһиги күүспүт. Ити урут да баара, билигин да баар, — диэн этэр Владимир Владимирович.

Дойду Бэрэсидьиэнэ Аҕа дойду сэриитигэр туһуламмыт пааматынньыктары олохтоох былаас болҕомто киинигэр тута сылдьыахтааҕын бэлиэтээн эттэ.

Билиҥҥи туругунан, Гитлер хос моонньохторун илиититтэн өлбүт дьон кырамталарын харайбыт сирдэрэ Арассыыйа үрдүнэн сүүсчэкэ. Бу сирдэр саллааттарга анаан тутуллубут байыаннай пааматынньыктары сэргэ бииргэ тутуллуохтаахтар, эмиэ болҕомто кииниттэн түһүө суохтаахтар. Аҕа дойду сэриитигэр туһуламмыт пааматынньыктары көрүүгэ-харайыыга олохтоох былаас улахан болҕомтотун уурара ирдэниллэр, — диэн этэр кини.

Ону таһынан бэрэсидьиэн оҕолорго, ыччакка Кыайыы туһунан элбэхтик кэпсиир-ипсиир, фроҥҥа, тыылга үгүс үлэ барбытын иһитиннэрэр наадатын бэлиэтээтэ. Түмүккэ Арассыыйа наукатын академията киллэрбит “Килбиэннээх үлэ куората”, “Албан аат куората” бырайыактар тустарынан эттэ. Владимир Путин ыйааҕынан Арассыыйа тоҕус куоратыгар “Килбиэннээх үлэ куората” аат иҥэрилиннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: