Владимир Путин: «Биһиги уопсай дьылҕалаахпыт»
Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа уонна ДНР, ЛНР, Запорожье, Херсон уобаластарын олохтоохторугар туһулаан тыл эттэ. Бу кэнниттэн 4 саҥа эрэгийиэн Арассыыйа састаабыгар киирэллэрин туһунан дуогабарга илии баттаатылар.
— Референдум буолла. Дьон бэйэлэрин быыбардарын оҥордулар. Бу мөлүйүөнүнэн дьон санаатын бииргэ буолуутун күүһэ. Бу — кинилэр ХНТ Устаабын норуоттар тэҥ бырааптаныыларын туһунан 1-кы ыстатыйатыгар олоҕурбут тулхадыйбат бырааптара. Биһиги өбүгэлэрбит бу норуоттар бииргэ буолууларын туһугар кыргыһыыларга кыайбыттара, бу сирдэри көмүскээбиттэрэ, улуу сэриигэ олохторун да толук уурбуттара. Бүгүн биһиги ахтан-санаан ааһабыт – 2014 сыллааҕы “Нуучча сааһын” сиэртибэлэрин, олох олорор, төрөөбүт тылынан саҥарар быраап иһин тыыннара быстыбыт дьоруойдары. Биһиги уопсай дьылҕалаахпыт – биһигини тыһыынча сыллаах историябыт ситимниир. Билигин биһиги бэйэбит гражданнарбытын көмүскүөх уонна эрэгийиэннэргэ экэниэмикэни, инфраструктураны чөлгө түһэриэх тустаахпыт, — диэн Владимир Путин этиитин саҕалаата.
Мустубут дьон олохторун толук уурбут дьоруойдар кэриэстэригэр биир мүнүүтэ саҥата суох туран, сүгүрүйдүлэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: