Владимир Путин БРИКС экэниэмикэтин күүһүрдэн иһэрин бэлиэтээтэ
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин алтынньы 18 күнүгэр БРИКС дьыалабыай пуорумугар кытынна. Бу пуорум алтынньы 22-24 күннэригэр Казань куоракка буолаары турар БРИКС саммитын чэрчитинэн ыытылынна.
Владимир Путин мунньах кэмигэр БРИКС түмсүүтүгэр киирэр дойдулар сылын аайы экэниэмикэлэрин хардарыта тупсаран иһэллэрин бэлиэтээтэ.
— БРИКС түмсүүтүгэр киирэр дойдулар уопсай валовай ис бородуукталара 60 триллион дуолларга тэҥнэһэн турар. Оттон аан дойдуну кытары тэҥнээтэххэ, бу көрдөрүү “Бөдөҥ сэттэ” түмсүү (ааптартан – манна Великобритания, Германия, Италия, Канада, Франция, Япония, АХШ киирэллэр) чилиэннэрин уопсай валовай бородуукталарын балай да куоһарар. Бу сыл түмүгүнэн, БРИКС түмсүүтүн дойдуларын экэниэмикэлэрин сайдыыта түөрт бырыһыанынан үрдүүр чинчилээх, — диэн иһитиннэрэр кини.
БРИКС – норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүү. Манна билигин уон судаарыстыба киирэр: Бразилия, Арассыыйа, Индия, Кытай, Соҕуруу Африка, Араб Холбоһуктаах Эмираттара, Иран, Египет, Эфиопия, Саудовскай Аравия. Быйыл БРИКС түмсүүтүн тэрээһиннэрин Арассыыйа иилээн-саҕалаан ыытар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: