Владимир Путин быйылгы түмүгү таһаарда
Ахсынньы 19 күнүгэр дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сылы түмүктүүр улахан пресс-кэмпириэнсийэтин уонна нэһилиэнньэни кытары быһа биэриитин ыыппыта. Бэрэсидьиэн түөрт чаастан ордук кэм устата барыта сэттэ уонтан тахса ыйытыыга хоруйдаабыта. Быйылгы тэрээһиҥҥэ дьон үксүн Арассыыйа тас дойдулары кытары сыһыанын, экэниэмикэбит туругун, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар көмө туһунан, о.д.а. ыйытыылары биэрдилэр. Олортон сүрүннэрин холобурдуубун.
Экэниэмикэ уонна сыана үрдээһинэ
Владимир Путин экэниэмикэ туһунан этэригэр, Арассыыйа төһө да тас дойдулартан ыгыы-түүрүү ортотугар олордор, үгүс көрдөрүүтүнэн инники күөҥҥэ иһэрин бэлиэтээн эттэ. Ол иһигэр үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтүн, хамнас үрдээһинин киллэрдэ.
– Сыыппаранан ылан эттэххэ, былырыын экэниэмикэбит сайдыыта 3,6 бырыһыан үрдээбит эбит буоллаҕына, быйыл 3,9 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэҕэ диэн былаанныыбыт. Үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтэ 2,3 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэн турар. Бу хаһааҥҥытааҕар да намыһах көрдөрүү. Бырамыысыланнас сайдыыта 4,4 бырыһыан буолла. Оҥорон таһаарар бырамыысыланнас сайдыыта 8,1 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ, – диэн бэлиэтиир бэрэсидьиэн.
Манна даҕатан, кини сыана үрдээһинин уонна дьон дохуоттаах буолуутун тэҥҥэ тутан холобурдаата.
– Сыана үрдээһинэ билигин 9,2-9,3 бырыһыан буолан турар. Манна хамнас үрдээһинин туһунан этиэхпин баҕарабын. Хамнас, сыана үрдээһинин көҕүрэтэн туран, тоҕус бырыһыан үрдээтэ. Онон билигин дьон дохуота бигэ туруктаах диэн этиэхпитин сөп, – диэн этэр Владимир Владимирович.
Байыаннай эпэрээссийэ
Байыаннай эпэрээссийэ туһунан үгүс ыйытыы киирбититтэн, быһа тардан биэриим. Хаһан түмүктэниэҕэй диэн ыйытыыга Владимир Путин: “Эрдэ этэн турабын, байыаннай эпэрээссийэ сыалын ситтэҕинэ эрэ түмүктэниэҕэ. Биһиги байыастарбыт билигин 100-300 миэтэрэнэн буолбакка, киэҥ сирдэри ылаллар. Хас күн аайы”, – диэн бэлиэтээтэ.
Курскай уобалас туһунан: “Курскай уобалас сирин босхолооһун хаһан бүтэрий диэҥҥэ маннык хоруйдуохпун сөп. Билигин чуолкай бачча чыыһылаҕа бүтэр диэн эппэппин, тоҕо диэтэргин оннук диэтэхпинэ, байыастарбыт тугу барытын умнан туран иннилэрин хоту түһүнэн кэбиһиэхтэрэ. Ол биһиэхэ наадата суох. Курскай уобаласка Украина сэбилэниилээх күүстэрэ тоҕо киирбиттэрэ биллибэт, бу туох да байыаннай суолтата суох. Манна биһиги байыастарбыт өстөөх тиэхиньикэтин биир-биир тоҕо сынньаллар. НАТО сынньыллыбыт тиэхиньикэтин ахсаана былырыын бары фронунан сынньыллыбыт тиэхиньикэ ахсааныгар тэҥнэстэ”, – диэн иһитиннэрдэ бэрэсидьиэн.
Владимир Путин сэтинньи 21 күнүгэр “Орешник” аракыата саҥа систиэмэтин туһунан иһитиннэрбитэ. Биэрии кэмигэр бу туһунан ыйытыы эмиэ киирдэ.
– Бу – аракыата саҥа систиэмэтэ. Систиэмэ байыаннай блога эрдэ аһыллар, онон көппүт аракыатаны билигин ханнык да дойду байыаннай систиэмэтэ тохтотор кыаҕа суох, – диэн иһитиннэрдэ бэрэсидьиэн.
Ядернай доктрина туһунан этэригэр Владимир Путин: “Бу саҥа докумуон буолбатах. Баар докумуону сөргүтэн биэрдибит. Саҥа докумуонунан, ядернай саата-саадаҕа суох дойдулар ядернай судаарыстыбалары кытары кыттыһан биһиги дойдубутун утары турдахтарына, биһиги ядернай сэби-сэбиргэли кинилэри утары туруорар хайа баҕарар кыахтаах буоллубут. Ол иһин эппиэтинэс бу дойдуларга эмиэ улаатта”, – диэн бэлиэтээтэ.
Маны таһынан, пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр Владимир Путин байыаннай эпэрээссийэ туһунан этэригэр, бу эпэрээссийэни эрдэ ыытыахха баар этэ диэн бэлиэтээбитэ.
“Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” пуонда
– Бу пуонда быйыл бэс ыйыттан үлэлиир. Пуонданы тэрийии туһунан санаа байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын ийэлэрин кытары көрсүһүү кэнниттэн киирбитэ. Хас биирдии байыас судаарыстыба көмөтүн ылыахтаах, ол уопсай буолбакка эрэ, хас биирдии киһиэхэ туһуланыахтаах. Ол иһин пуонда тэриллибитэ. Пуонда социальнай, мэдиссиинэ боппуруостарынан дьарыктанар. Байыастар фронт кэнниттэн үлэлээх буолууларын хааччыйыы – бу биир сүрүн боппуруоспут. Манан эмиэ дьарыктанар, – диэн бэлиэтиир бэрэсидьиэн.
Владимир Путин быһа биэриитин кэнниттэн тута сөрөөн сарсыҥҥы күнүгэр Судаарыстыбаннай Сэбиэт мунньаҕын ыыппыта. Онно кини Аҕа дойду сэриитин, Улуу Кыайыы туһунан этэн туран, эһиилги сылы Аҕа дойдуну көмүскээччилэр сылларынан биллэрэргэ диэн иһитиннэрбитэ.
Саҥа эрэгийиэннэри чөлүгэр түһэрии
– 2030 сылга диэри саҥа эрэгийиэннэри чөлүгэр түһэриигэ үбүлээһин көрүллэн турар. Бу бырагыраама сүрдээх киэҥ. Бырагыраама үлэтин саҕалаабыта. Ол иһигэр суол-иис, олорор дьиэлэр, хомунаалынай хаһаайыстыба, социальнай эбийиэктэр тутулла сылдьаллар. Күн бүгүн 21 тыһыынчаттан тахса эбийиэк чөлүгэр түһэрилиннэ. Ол иһигэр уон биир тыһыынчата федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэн, уон тыһыынчата – шефтэһэр эрэгийиэннэр көмөлөрүнэн. Манна даҕатан эттэххэ, Азовскай муораны төгүрүччү суол оҥоһуллуохтаах. Крымҥа “Таврида” федеральнай суол оҥоһуллубутун курдук. Ону таһынан, билигин улахан эбийиэктэртэн Донецкайга перинатальнай киин, Мариупольга медицина киинэ үлэҕэ киирдилэр. Запорожье уобалаһыгар оҕо балыыһата тутуллуохтаах, – диэн иһитиннэрэр Владимир Путин саҥа эрэгийиэннэри чөлүгэр түһэрии туһунан.
Анапаҕа тохтубут мазут туһунан
Ааспыт нэдиэлэҕэ Анапа таһыгар Хара муораҕа танкердар тимирэннэр, уматык тохтубута. Бу туһунан Владимир Путин маннык эттэ.
– Бу быһылаан туһунан миэхэ тута дакылааттаабыттара. Билигин үлэ хас да түһүмэҕинэн бара турар. Бастатан туран, муораҕа мазут тарҕаммыт сирин, салгыы барбатын курдук харгыс оҥоһулла сылдьар. Иккиһинэн, кытылга тахсыбыт уматыгы хомуйуу бара турар. Наада буоллаҕына, манна Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспата барыаҕа. Ону таһынан, манныгы өйдүөххэ наада, саас сылыйдаҕына муора аллараа өттүгэр түспүт мазут үөһээ тахсыаҕа, бу уматык тымныыга тоҥор эттик, онон эрдэттэн манна бэлэмнэнии барыахтаах. Бириэмэтин эрэ куоттарбатарбыт ханнык, – диэн иһитиннэрдэ.
Элбэх оҕолоох ыалга көмө
Дьиэ кэргэн сылынан быйыл дойдубут үрдүнэн үгүс тэрээһин ыытылынна. Пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр да манна суруналыыстар болҕомтолорун хатаатылар, нэһилиэнньэттэн да элбэх ыйытыы киирдэ. Владимир Путин биэрии кэмигэр демография, элбэх оҕолоох ыалларга көмө туһунан боппуруостарга хоруйдаата уонна тута бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ. Олортон биирдэстэрэ – көтөр аал билиэтигэр чэпчэтиилэри киллэрии.
– Сокуоҥҥа элбэх оҕолоох ыалга көтөр аал билиэтиттэн 50 бырыһыан чэпчэтэргэ диэн сурулла сылдьар. Ол эрээри билигин авиахампаанньалар бэйэбит чэпчэтии оҥордубут диэн ааттаан билиэт сыанатыттан кып-кыраны эрэ түһэрэллэр. Маннык салгыы барара сатаммат, онон бырабыыталыстыба кылгас кэм иһигэр бу боппуруоһунан дьарыктаныҥ, – диэн эттэ Владимир Владимирович.
Бэрэсидьиэн быһа биэриитин кэнниттэн бу күннэргэ “Аэрофлот”, “Уральские авиалинии” хампаанньалар оҕолорго, иккилэриттэн уон икки саастарыгар диэри, билиэт сыанатын 50 бырыһыан чэпчэтэн атыылаан саҕалаатылар. Билиэти тохсунньуттан туһаныахха сөп.
Түмүк оннугар
Түмүктээн эттэххэ, Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтэ уонна нэһилиэнньэни кытары быһа биэриитэ биһиги эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду болҕомтотун тарта. Биллэн турар, тас дойдулар Владимир Владимирович Украина, АХШ, НАТО, Аан Илин туһунан тугу этэрин кэтээн көрбүт буолуохтаахтар. Тас дойдуттан пресс-кэмпириэнсийэҕэ кэлбит суруналыыстар да ону интэриэһиргээтилэр. Бэрэсидьиэн кинилэр ыйытыыларыгар хоруйдаан, Арассыыйа Кытайы, Турцияны кытары үлэлэһиитин ордук чорботон бэлиэтээтэ. Ону сэргэ биэрии кэмигэр Дональд Трампы, Башар Асады кытары көрсүһүөххүтүн сөп дуо, Владимир Зеленскэй Арассыыйаҕа куотан кэллэҕинэ киллэрэҕит дуо диэн ыйыттылар. Онуоха Владимир Путин Арассыыйа ханнык баҕарар дойдуну кытары далаһа уурсарын, кэпсэтиигэ аһаҕаһын, ол эрээри суверенитетын, бэйэтин быраабын күүскэ көмүскүүрүн бэлиэтээн эттэ. Ыйытыы биэрбит “NBC News” ааҕыныстыба суруналыыһа көхсүн этиттэ.
ХААРТЫСКА: РФ БЭРЭСИДЬИЭНИН ПРЕСС-СУЛУУСПАТА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: