Владимир Путин быйылгы түмүгү таһаарда

Share

Ахсынньы 19 күнүгэр дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин сылы түмүктүүр улахан пресс-кэмпириэнсийэтин уонна нэһилиэнньэни кытары быһа биэриитин ыыппыта. Бэрэсидьиэн түөрт чаастан ордук кэм устата барыта сэттэ уонтан тахса ыйытыыга хоруйдаабыта. Быйылгы тэрээһиҥҥэ дьон үксүн Арассыыйа тас дойдулары кытары сыһыанын, экэниэмикэбит туругун, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар көмө туһунан, о.д.а. ыйытыылары биэрдилэр. Олортон сүрүннэрин холобурдуубун.

Экэниэмикэ уонна сыана үрдээһинэ

Владимир Путин экэниэмикэ туһунан этэригэр, Арассыыйа төһө да тас дойдулартан ыгыы-түүрүү ортотугар олордор, үгүс көрдөрүүтүнэн инники күөҥҥэ иһэрин бэлиэтээн эттэ. Ол иһигэр үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтүн, хамнас үрдээһинин киллэрдэ.

– Сыыппаранан ылан эттэххэ, былырыын экэниэмикэбит сайдыыта 3,6 бырыһыан үрдээбит эбит буоллаҕына, быйыл 3,9 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэ­ҕэ диэн былаанныыбыт. Үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтэ 2,3 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэн турар. Бу хаһааҥҥытааҕар да намыһах көрдөрүү. Бырамыысыланнас сайдыыта 4,4 бырыһыан буол­ла. Оҥорон таһаарар бырамыысыланнас сайдыыта 8,1 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ, – диэн бэлиэтиир бэрэсидьиэн.

Манна даҕатан, кини сыана үрдээһинин уонна дьон дохуот­таах буолуутун тэҥҥэ тутан холобурдаата.

– Сыана үрдээһинэ билигин 9,2-9,3 бырыһыан буолан турар. Манна хамнас үрдээһинин туһунан этиэхпин баҕарабын. Хамнас, сыана үрдээһинин көҕүрэтэн туран, тоҕус бырыһыан үрдээтэ. Онон билигин дьон дохуота бигэ турук­таах диэн этиэхпитин сөп, – диэн этэр Владимир Владимирович.

Байыаннай эпэрээссийэ

Байыаннай эпэрээссийэ туһунан үгүс ыйытыы киирбититтэн, быһа тардан биэ­риим. Хаһан түмүктэниэҕэй диэн ыйытыыга Владимир Путин: “Эрдэ этэн турабын, байыаннай эпэрээссийэ сыалын ситтэҕинэ эрэ түмүктэниэҕэ. Биһиги байыастарбыт билигин 100-300 миэтэрэнэн буолбакка, киэҥ сирдэри ылаллар. Хас күн аайы”, – диэн бэлиэтээтэ.

Курскай уобалас туһунан: “Курскай уобалас сирин босхолооһун хаһан бүтэрий диэҥҥэ маннык хоруйдуохпун сөп. Билигин чуолкай бачча чыыһылаҕа бүтэр диэн эппэппин, тоҕо диэтэргин оннук диэтэхпинэ, байыастарбыт тугу барытын умнан туран иннилэрин хоту түһүнэн кэбиһиэхтэрэ. Ол биһиэхэ наадата суох. Курскай уобаласка Украина сэбилэ­ниилээх күүстэрэ тоҕо киирбиттэрэ биллибэт, бу туох да байыаннай суолтата суох. Манна биһиги ба­­йыастарбыт өстөөх тиэхиньикэтин биир-биир тоҕо сынньаллар. НАТО сынньыллыбыт тиэхиньикэтин ахсаана былырыын бары фронунан сынньыллыбыт тиэхиньикэ ахсааныгар тэҥнэс­тэ”, – диэн иһитиннэрдэ бэрэсидьиэн.

Владимир Путин сэтинньи 21 күнүгэр “Орешник” аракыата саҥа систиэмэтин туһунан иһитиннэрбитэ. Биэрии кэмигэр бу туһунан ыйытыы эмиэ киирдэ.

– Бу – аракыата саҥа систиэ­мэтэ. Систиэмэ байыаннай блога эрдэ аһыллар, онон көппүт аракыатаны билигин ханнык да дойду байыаннай систиэмэтэ тохтотор кыаҕа суох, – диэн иһитиннэрдэ бэрэсидьиэн.

Ядернай доктрина туһунан этэригэр Владимир Путин: “Бу саҥа докумуон буолбатах. Баар докумуону сөргүтэн биэрдибит. Саҥа докумуонунан, ядернай саата-саадаҕа суох дойдулар ядернай судаарыстыбалары кытары кыттыһан биһиги дойдубутун утары турдахтарына, биһиги ядернай сэби-сэбир­гэли кинилэри утары туруо­рар хайа баҕарар кыахтаах буол­лубут. Ол иһин эппиэтинэс бу дойдуларга эмиэ улаатта”, – диэн бэлиэтээтэ.

Маны таһынан, пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр Владимир Путин байыаннай эпэрээссийэ туһунан этэригэр, бу эпэрээссийэни эрдэ ыытыахха баар этэ диэн бэлиэтээбитэ.

“Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” пуонда

– Бу пуонда быйыл бэс ыйыттан үлэлиир. Пуонданы тэрийии туһунан санаа байыан­най эпэрээссийэ кыттыылаахтарын ийэлэрин кытары көрсүһүү кэнниттэн киирбитэ. Хас биирдии байыас судаа­рыстыба көмөтүн ылыахтаах, ол уопсай буолбакка эрэ, хас биирдии киһиэхэ туһуланыахтаах. Ол иһин пуонда тэриллибитэ. Пуонда социальнай, мэдис­сиинэ боппуруостарынан дьарыктанар. Байыастар фронт кэнниттэн үлэлээх буолууларын хааччыйыы – бу биир сүрүн боппуруоспут. Манан эмиэ дьарыктанар, – диэн бэлиэтиир бэрэсидьиэн.

Владимир Путин быһа биэриитин кэнниттэн тута сөрөөн сарсыҥҥы күнүгэр Судаарыстыбаннай Сэбиэт мунньаҕын ыыппыта. Онно кини Аҕа дойду сэриитин, Улуу Кыайыы туһунан этэн туран, эһиилги сылы Аҕа дойдуну көмүскээччилэр сылларынан биллэрэргэ диэн иһитиннэрбитэ.

Саҥа эрэгийиэннэри чөлүгэр түһэрии

– 2030 сылга диэри саҥа эрэгийиэннэри чөлүгэр түһэрии­гэ үбүлээһин көрүллэн турар. Бу бырагыраама сүрдээх киэҥ. Бырагыраама үлэтин саҕалаабыта. Ол иһигэр суол-­иис, олорор дьиэлэр, хомунаалынай хаһаайыстыба, социальнай эбийиэк­тэр тутулла сылдьаллар. Күн бүгүн 21 тыһыынчаттан тахса эбийиэк чөлүгэр түһэрилиннэ. Ол иһигэр уон биир тыһыынчата федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэн, уон тыһыынчата – шефтэһэр эрэгийиэннэр көмөлөрүнэн. Манна даҕатан эттэххэ, Азовскай муораны төгүрүччү суол оҥоһуллуохтаах. Крымҥа “Таврида” федеральнай суол оҥоһуллубутун курдук. Ону таһынан, билигин улахан эби­йиэктэртэн Донецкайга перинатальнай киин, Мариупольга медицина киинэ үлэҕэ киирдилэр. Запорожье уобалаһыгар оҕо балыыһата тутуллуохтаах, – диэн иһитиннэрэр Владимир Путин саҥа эрэгийиэннэри чөлүгэр түһэрии туһунан.

Анапаҕа тохтубут мазут туһунан

Ааспыт нэдиэлэҕэ Анапа таһыгар Хара муораҕа танкердар тимирэннэр, уматык тохтубута. Бу туһунан Владимир Путин маннык эттэ.

– Бу быһылаан туһунан миэхэ тута дакылааттаабыттара. Билигин үлэ хас да түһүмэҕинэн бара турар. Бастатан туран, муораҕа мазут тарҕаммыт сирин, салгыы барбатын курдук харгыс оҥоһулла сылдьар. Иккиһинэн, кытылга тахсыбыт уматыгы хомуйуу бара турар. Наада буоллаҕына, манна Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспата барыаҕа. Ону таһынан, манныгы өйдүөххэ наада, саас сылыйдаҕына муора аллараа өттүгэр түспүт мазут үөһээ тахсыаҕа, бу уматык тымныыга тоҥор эттик, онон эрдэттэн манна бэлэмнэнии барыахтаах. Бириэмэтин эрэ куоттарбатарбыт ханнык, – диэн иһитиннэрдэ.

Элбэх оҕолоох ыалга көмө

Дьиэ кэргэн сылынан быйыл дойдубут үрдүнэн үгүс тэрээһин ыытылынна. Пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр да манна суруналыыс­тар болҕомтолорун хатаатылар, нэһилиэнньэттэн да элбэх ыйытыы киирдэ. Владимир Путин биэрии кэмигэр демография, элбэх оҕолоох ыалларга көмө туһунан боппуруостарга хоруйдаата уонна тута бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ. Олортон биирдэстэрэ – көтөр аал билиэтигэр чэпчэ­тиилэри киллэрии.

– Сокуоҥҥа элбэх оҕо­лоох ыалга көтөр аал билиэтиттэн 50 бырыһыан чэпчэтэргэ диэн сурулла сылдьар. Ол эрээри билигин авиахампаанньалар бэйэбит чэпчэтии оҥордубут диэн ааттаан билиэт сыанатыттан кып-кыраны эрэ түһэ­рэллэр. Маннык салгыы барара сатаммат, онон бырабыыталыстыба кылгас кэм иһигэр бу боппуруоһунан дьарыктаныҥ, – диэн эттэ Владимир Владимирович.

Бэрэсидьиэн быһа биэрии­тин кэнниттэн бу күннэргэ “Аэрофлот”, “Уральские авиа­линии” хампаанньалар оҕолорго, иккилэриттэн уон икки саастарыгар диэри, билиэт сыанатын 50 бырыһыан чэпчэтэн атыылаан саҕалаатылар. Билиэти тохсунньуттан туһаныахха сөп.

Түмүк оннугар

Түмүктээн эттэххэ, Вла­димир Путин пресс-кэмпи­риэнсийэтэ уонна нэһилиэнньэни кытары быһа биэрии­тэ биһиги эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду болҕомтотун тарта. Биллэн турар, тас дойдулар Владимир Владимирович Украина, АХШ, НАТО, Аан Илин туһунан тугу этэрин кэтээн көрбүт буолуохтаахтар. Тас дойдуттан пресс-кэмпириэнсийэҕэ кэлбит суруналыыстар да ону интэриэһиргээтилэр. Бэрэсидьиэн кинилэр ыйытыыларыгар хоруйдаан, Арассыыйа Кытайы, Турцияны кытары үлэлэһиитин ордук чорботон бэлиэ­тээтэ. Ону сэргэ биэрии кэмигэр Дональд Трампы, Башар Асады кытары көрсүһүөххүтүн сөп дуо, Владимир Зеленскэй Арассыыйаҕа куотан кэллэҕинэ киллэрэҕит дуо диэн ыйыттылар. Онуоха Владимир Путин Арассыыйа ханнык баҕарар дойдуну кытары далаһа уурсарын, кэпсэтии­гэ аһаҕаһын, ол эрээри суверенитетын, бэйэтин быраабын күүскэ көмүскүүрүн бэлиэтээн эттэ. Ыйытыы биэрбит “NBC News” ааҕыныстыба суруналыыһа көхсүн этиттэ.

ХААРТЫСКА: РФ БЭРЭСИДЬИЭНИН ПРЕСС-СУЛУУСПАТА

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Худуоһунньук дьоруойдара — үлэ дьоно

Бу күннэргэ СӨ Национальный художественнай мусуойугар Саха сирин народнай худуоһунньуга Николай Иннокентьев 80 сааһыгар  анаммыт…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чөл мөссүөннээх  Саҥа  дьылынан!

Дьэ, доҕоттоор, «күннээх сампаан», «сухуой кыһыл» утахтаах Саҥа дьыллаан бүттэхпит. Биир бэйэм итинник кытаанахтык быһаарынным.…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сылы түмүктүүр оһуохай Кыайыыны түстээтэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуохай уопсастыбата сылы түмүктүүр оһуохайа Кыайыыны түстээтэ.     Күнүс 1 чаастан "Арчы" дьиэтигэр…

8 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Ыраастаныы

Ыраастаныы киһи киртийдэҕинэ оҥоһуллар. Киһиэхэ кир тастан киирэр. Ким эрэ куһаҕаны эппитэ, күннээҕи олоххо туох…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириэс Халдьаайы олохтоохторо саҥа балыыһаланыахтарын баҕараллар

Бу күннэргэ Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы учаастактааҕы балыыһата 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Бу туһунан Мэҥэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Утумнар» тэрийбит Саҥа дьыллара уратытынан сөхтөрдө

"Утум" хампаанньа Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө бэртээхэй тэрээһини тэрийдэ. Саала оҕо-аймах саҥатынан чугдаарда! Төрөппүттэр оҕолорун,…

9 часов ago